Хотугу салааҕа 1 млрд. 103 мөлүйүөн көрүлүннэ

Ил Дархаҥҥа норуот хаһаайыстыбатын сүрүн хайысхаларыгар анаммыт сүбэ мунньахха хотугу салаа туһунан сүрүн иһитиннэриини Арктика дьыалаларыгар судаарыстыбаннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Прокопий Николаев оҥордо.


“2012-2020 сс. тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын уонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын, сырье уонна ас-үөл ырыынагын сүрүннээһин” өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бырагырааматын иһинэн үс хос бырагырааманан быйыл 1 млрд. 103 мөл. солк. көрүллүбүт.

Табаны иитии

«Табаны иитиини сайыннарыы» хос бырагыраамаҕа 719,5 мөл. көрүллүбүт. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн таба иитиитинэн 106 хаһаайыстыба, 1 тыһ. 792 киһи дьарыктанар. Былырыын таба иитиитин өйөөһүҥҥэ судаарыстыба боломуочуйатын толорууга субвенцияны ааҕыы методикатыгар кэккэ уларытыы киллэриллибитэ. Урукку өттүгэр төлөбүр табаһыт ахсаанынан бэриллэр буоллаҕына, саҥа методикаҕа түөрт зонанан араҥаламмыт коэффициент быһыытынан, хаһаайыстыба табатын ахсаана, табаны иитии технологията төһө тутуһуллара барыта учуоттаммыта. Көрүллэр үп таба иитиитигэр, табаһыттар үлэлэрин төлөбүрүн сорох чааһын толуйууга, хараалы уонна эмтиир-сэрэтэр үлэни тэрийиигэ, туттар тэрилинэн, анал таҥаһынан хааччыйыыга, таба аһылыгын атыылаһан тиэрдиигэ, аһы-үөлү тиэйиигэ, уматыгы, саппаас чааһы атыылаһыыга, адьырҕа кыыллартан көмүскэли тэриниигэ уо.д.а. анаммыта.

2018 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан 151 тыһ. 767 таба баар. Күн-дьыл, айылҕа уустуктарыттан, адьырҕа кыыл буулааһыныттан үгүс улуустарга төрүөҕү ылыы мөлтүү, таба ахсаана түһэ турдар даҕаны, судаарыстыбаннай кэмитиэт бастыҥ көрдөрүүлээх хаһаайыстыбаларга тирэҕирэн, салааны 2020 сылга диэри табаарынай таһымҥа таһаарарга эрэллээх.

Балыктааһын

“Балык хаһаайыстыбатын комплексын сайыннарыы” хос бырагырааманан 86 мөл. солк көрүллүбүт. Балык салаатыгар 2 тыһ. 52 киһи үлэлиир. Промышленнай таһымынан балыктааһын өйөбүлүн механизма көдьүүстээҕин көрдөрбүт. Ол курдук, 2017 с. 5 тыһ. 300 т балык бултанан, 5 тыһ. 835 т балык ас астанан, 2016 сыллаах көрдөрүү туһааннааҕынан 7,2 уонна 7,6 % тупсарыллыбыт.

Көрүллэр үпкэ тирэҕирэн, хотугу улуустарга кэнники сылларга сүүстэн тахса балык хаһаайыстыбатын эбийиэгэ тутулунна, быйыл 15 эбийиэк ситэриллиэхтээх, — диир Прокопий Николаев. — Балыксыттар балыктыыры таһынан, астааһын бастакы түһүмэҕин технология быһыытынан оҥорору ситистилэр, Анаабыр уонна Эдьигээн сыахтара куһаҕана суох үлэлииллэр. Дьокуускайга тэриллэр дьаарбаҥкалар сыананы намтатар кыаҕы үөскэттилэр. Холобур, алтынньытааҕы дьаарбаҥкаҕа 20 туонна балыгы батарарга суоттаммыппыт эрээри, 50 туонна атыыламмыта. Иккис дьаарбаҥка Саҥа дьыл иннигэр тэриллибитэ, үһүс дьаарбаҥка кулун тутарга былааннанар. Булуҥҥа, Эдьигээҥҥэ балык күндү көрүҥнэрэ аҕыйааһынын чинчийии иккис түһүмэҕэ саҕаланна.

Үгэс буолбут хотугу салаалар

Бу хайысханан 98,6 мөл. солк көрүллүбүт. Килиэккэлээх кыылы иитии курдук ааспыт өттүгэр өнүйбэккэ турбут салааҕа болҕомто саҥардыы ууруллан эрэр. Ол курдук, Хаҥалас улууһун Покровскайдааҕы кыыл пиэрмэтигэр базаны саҥардыы үлэтэ саҕаламмыт итиэннэ былырыын (сүүрбэ сыл кэнниттэн аан бастаан!) 230 Норвегия боруодата ыччат хара саһыл аҕалыллыбыт. Олохтоох оҥорон таһаарыыны өйүүр сыалтан күндү түүлээҕи уонна тириини соҕотуопкалааһыҥҥа, таҥастааһыҥҥа көрүллэр харчы биллэрдик эбиллибит. Барыта 60 тыһ. күндү түүлээх тириитин соҕотуопкалыыр сорудах түһэриллибит.

Иһитиннэрии түмүгүнэн таба ахсаанын элбэтиини хааччыйар дьаһалларга, «Туймаада-Агроснаб» аалларынан балык соҕотуопкатын тэрийиигэ уо.д.а. этиилэр киирдилэр.

This post was published on 26.01.2018 15:00 15:00