Кэлиҥҥи кэмҥэ төһө даҕаны үп-харчы, экономика боппуруостарыгар дойдуга чэпчэкитэ суох күн-дьыл турдар, биһиги өрөспүүбүлүкэбит социальнай-экономическай сайдыытыгар саҥа үйэ ирдэбиллэригэр эппиэттиир биллэр-көстөр уларыйыылар таҕыстылар.
Дьон-сэргэ бэйэтин күүһүнэн, өйүнэн-санаатынан олох уйгутун тупсарара, тутара бигэтик тирэҕирдэ. Маныаха үрдүкү салалтабыт, чуолаан, өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Егор Борисов ыытар бэлиитикэтэ улахан оруоллаах. Үлэһит дьон интэриэһин көмүскүүр социальнай укулаат хаһаайынныы сыһыаҥҥа, аныгы олоххо сөп түбэһэр саҥалыы дьаһаллары ылыныыга дьүөрэлэһиитэ баар буолла.
“Фтизиатрия” научнай-практическай киин (дириэктэр А.Ф.Кравченко) өрөспүүбүлүкэҕэ биир соҕотох бөдөҥ научнай, медицинскэй тэрилтэнэн буолар. Биһиги бу научнай-практическай кииммит Уһук Илин региоҥҥа эрэ буолбакка, дойду үрдүнэн биир сайдыылаах материальнай-техническай базалаах, үрдүк квалификациялаах медицинскэй каадырдардаах медицинскэй тэрилтэлэргэ киирсэр. “Фтизиатрия” НПК састаабыгар 7 медицинэ наукатын доктора, 17 наука кандидата, үрдүк категориялаах быраастар, орто уонна алын сүһүөх медицинскэй исписэлиистэр ситиһиилээхтик үлэлииллэр. Кинилэр истэригэр сэллик тыҥаҕа уонна уҥуохха охсубут ыарыыларын утары саамай уустук эпэрээссийэлэри онорор, илии-атах, сис тоноҕосторун айгыраабыт сүһүөхтэрин тимир импланнарынан уларытар, аан дойду медицинатын кытта тэҥҥэ хардыылаһар, генетическай-биологическай чинчийиилэри ыытар дойду үрдүнэн ахсааҥҥа сылдьар учуонай-быраастар бааллар. Ону сэргэ компьютернай томографиянан диагностааһыҥҥа (чуолаан оҕо аймах доруобуйатын чинчийиигэ) дойдуга саҥа стандарты киллэрбит, Уралтан бэттэх соҕотох, өрөспүүбүлүкэҕэ рентгенология историятыгар наука бастакы доктора итиэннэ сиэстэрэ дьыалатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйа харыстабылыгар наука бастакы кандидата бааллар.
Сакаасчыт-тутааччы бырагыраамата олоххо киирдэ
“Фтизиатрия” НПК социальнай эбийиэктэри тутууга сакаасчыт-тутааччы быһыытынан I уонна II таһымнаах федеральнай лицензиялаах буолан, Арассыыйа тутааччыларын сойууһугар (СРО) киирэр, капитальнай тутуу отделын ситиһиилээхтик үлэлэтэрэ олус кэрэхсэбиллээх. Кэлиҥҥи сэттэ сыл устата “Фтизиатрия” НПК өрөспүүбүлүкэ салалтатын быһаччы көмөтүнэн уонна өйөбүлүнэн түөрт бөдөҥ социальнай эбийиэк, ол иһигэр оҕо аймаҕы сэлликтэн эмтиир аныгылыы хааччыллыылаах диспансер, 52 кыбартыыралаах олорор дьиэ тутуллубуттара.
Аны бу күннэргэ хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттары өйүүр федеральнай бырагыраама чэрчитинэн уонна өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын кыттыгаһынан саҥа тутуллубут толору хааччыллыылаах, кыбартыыралыы тииптээх эмчиттэр олорор уопсай дьиэлэрин судаарыстыбаннай хамыыһыйа тутта.
Саҥа дьиэни үөрүүлээхтик арыйыыга бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Алексей Дьячковскай, Ил Түмэн хотугу норуоттарга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, норуот дьокутаата Елена Голомарева, доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Олег Припузов уо.д.а. кыттыыны ыллылар. 69 кыбартыыраттан 39-һун доруобуйа харыстабылын министэриэстибэтэ түҥэттэ. Онтон 30 кыбартыыраны “Фтизиатрия” НПК хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар эмчит ыалларыгар үллэрдэ. Бу мааны дьиэҕэ сэллиги утары үлэлээбит бэтэрээннэр – быраастар, сиэстэрэлэр, санитаркалар, хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттарбыт бэрэстэбиитэллэрин дьиэ кэргэннэрэ киирдилэр. Холобур, 1968 сылтан ыла медицинскэй ыстаастаах, фтизиатрия эйгэтигэр 1986 сылтан үлэлиир быраас Елена Еремеевна Немытышева, 1968 сылтан медицинскэй ыстаастаах, тэрилтэҕэ 1984 сылтан үлэлиир учаастактааҕы медицинскэй сиэстэрэ Александра Васильевна Саввинова, 1966 сылтан медицинскэй ыстаастаах, тэрилтэҕэ 2000 сыллаахтан үлэлиир санитарка Екатерина Семеновна Кривошапкина уонна да атыттар бааллар.
Үтүө саҕалааһын салҕанар
“Фтизиатрия” научнай-практическай киин үлэҕэ ситиһиилэрэ өрөспүүбүлүкэ салалтатын өтө көрүүлээх бэлиитикэтин биир холобура буолар. Өссө 1990-с сылларга бу күннэргэ 80 сааһын бэлиэтээбит биһиги бастакы президеммит Михаил Николаев өрөспүүбүлүкэ медицинатын дойдуга биир бастакынан (Москва, Санкт-Петербург инники кирбиигэ иһэр балыыһаларын кытта тэҥҥэ, Арассыыйа атын регионнарын лаппа урутаан) бастыҥ медицинскэй КТ, МРТ, чинчийэр-лабораторнай тэрилинэн хааччыйбыта. Ил Дархан Егор Борисов ол ылыныллыбыт үрдүк таһымы өрө тутар социальнай-экономическай бэлиитикэтин биир чаҕылхай холобурунан бу саҥа киирбит толору хааччыллыылаах, хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар ыалларыгар анаммыт дьиэ буолар.
“Фтизиатрия” НПК үлэтин былаана киэҥ – федеральнай эргимтэлэр уонна өрөспүүбүлүкэ кыахтарын дьүөрэлээн, Саха сиригэр эмп-том эйгэтин саҥа сайдыы таһымыгар тахсыыта олоххо уталыппакка киирэн иһиэҕэ.