Кырдьаҕаһынан социальнай биэнсийэни сорох араҥаҕа аныыр туһунан этиини РФ бырабыыталыстыбата өйөөтө. Ол туһунан суруйда РИА Новости.
««О внесении изменения в статью 22 федерального закона «О государственном пенсионном обеспечении в Российской Федерации» федеральнайдааҕы сокуон бырайыагын өйүүргэ уонна Госдуума депутаттарын көрүүтүгэр киллэрэргэ», — диэн суруллар иһитиннэриигэ.
Киһи, хотугу аҕыйах ахсааннаах норуот бэрэстэбиитэлэ буоларын туһунан докумуонун биэнсийэ анаттарарыгар бэйэтэ тиксэрэр бырааптаах диэн быһаараллар.
This post was published on 18.10.2021 13:01 13:01