Өлөөн оройуонун хамаандата хотугу норуоттар VI «Арктика оҕолорун оонньууларыгар» кыайыылаах буолла. Бары «Смена» Россиятааҕы оҕо киинигэр путёвка туттулар, суруйар ЯСИА.
Бары көрүҥнэр олус интэриэһинэйдэр уонна хотугу норуоттар олохторун-дьаһахтарын көрдөрөллөр. Кыайыылаахтар биирдиилээн уонна хамаанданан быһаарылыннылар.
Наартаны ойууга бастыҥнарынан Өлөөнтөн Алекса Кириллова уонна Иван Вилицкий буоллулар. Уол тохтоло суох 225 наартаны ойдо.
Маамыкта быраҕыытыгар Кэрэчээнэ Попова Анаабыртан уонна Байдар Борисов Эдьигээнтэн кыайдылар. Кинилэр быаларын биэс миэтэрэҕэ тириэртилэр.
Ноори күрэхтэһиигэ, балтараа миэтэрэлээх ураҕаһы ытыстарын кэтэҕэр тутан биир атахтарыгар саамай өр турдулар — Алина Щетинина Нерюнгри оройуонуттан (2 м 49 с) уонна Василий Трутнев Эбээн-Бытантайтан (7 м 9 с).
Туут хайыһарга 500 м Эдьигээн улууһа биэтэккэ бастакынан кэллэ, иккис — Эбээн Бытантай, үһүс — Өлөөн.
Бары көрүҥнэри холбоон муҥутуур кыайыылаах Өлөөн улууһун хамаандата буолла. Кинилэргэ «Смена» оҕо киинигэр «Аҕа дойдуну көмүскээччилэр» түһүмэхтэригэр сэттэ босхо путевка туттарылынна.
This post was published on 25.03.2024 12:01 12:01