«Демография» нацбырайыак Саха сиригэр үлэтин туһунан үлэ миниистирэ Елена Волкова «Дьахталлар Арктикаҕа» төгүрүк остуолларыгар Хотугу форум кэмигэр кэпсээтэ.
Төгүрүк остуол кэмигэр дьахталлар тэрилтэлэрин норуоттар уонна регионнар икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлээһиннэрин боппуруостарын дьүүллэстилэр. Маны сэргэ Арктика сайдыытыгар, демография боппуруоһугар санааларын эттилэр, ырытыылары оҥордулар.
Миниистир эппитинэн, Саха сирэ Уһук Илиҥҥи уокурукка нэһилиэнньэ улаатыытыгар уонна төрөөһүн эбиллиитигэр инники күөҥҥэ сылдьар. Биэс федеральнайдааҕы бырайыакка кыттар, онно сөп түбэһиннэрэн регионнааҕы бырайыактар оҥоһуллан, бигэргэнэн үлэ барар. Быйылгы сылга «Демография» нацбырайыакка 6 млрд. солк көрүллүбүт.
Елена Волкова федеральнай биэдэмистибэлэргэ анаан дьиэ кэргэн сынньалаҥар уонна Арктикаҕа олорор оҕолоох ыаллар доруобуйаларын туругун тупсарыыга бырагыраама оҥоһулларыгар эттэ. Маны сэргэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ нолуокка преференция көрүллэригэр этии киллэрдэ.
Төгүрүк остуол этиилэрэ форум түмүктүүр резолюциятыгар киллэриллиэхтэрэ.
This post was published on 01.10.2020 14:02 14:02