Арктика сайдыытыгар уонна хотугу норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэ итиэннэ Нуучча географическай уопсастыбата бииргэ үлэлииргэ Сөбүлэҥ түһэристилэр. 2020 сылга Булуҥ оройуонун Уус-Өлөнүөгэр экспедиция тэриллиэ.
Уус-Өлөнүөккэ Хотугу эргимтэҕэ аан бастаан айаннаан кэлбит Василий уонна Татьяна Прончищевтар көмүллэн сыталлар. Быйылгы экспедиция манна пааматынньыгы чинчийэн үөрэтиэ уонна историяҕа киирбит көмүс уҥуохтары чөлүгэр түһэриэ.
Арктика миниистирин бастакы солбуйааччыта Сергей Неустроев иһитиннэрбитинэн, Василий Прончищев биир дойдулаахтара, Калуга уобалаһын олохтоохторун көҕүлээһиннэринэн, Булуҥ улууһун баһылыга Игорь Кудряшовтуун дуогабар түһэрсиллибит. Түмүктүүр дьаһалынан Уус-Өлөнүөккэ часовня арыллыа. Бу хотугу улуу экспедиция кыттыылаахтарыгар кэриэстэбил бэлиэтинэн буолуоҕа.
Калуга уобалаһыттан делегация кэлэрэ былааннанар. Бэйэлэрин кыттыыларын биллэр полярнай летчик Сергей Алафинов, Россия Геройа, летчик–космонавт Валерий Токарев уонна Сэбиэскэй Союз Геройа, космонавт-чинчийээччи Олег Атьков биллэрбиттэр. Тэрээһин легендаҕа киирбит полярник, 1999 сыллааҕы Уус-Өлөнүөккэ экспедиция тэрийээччитэ Дмитрий Шпаро быһа кыттыытынан ыытыллыа.
This post was published on 15.01.2020 15:51 15:51