Кэлэр сылтан хотугу эргимтэҕэ үлэлиир социальнай суолталаах эбийиэктэргэ хааччаҕа суох туттуллар интернети холбуохтара. Бу туһунан РФ сибээскэ уонна маассабай коммуникациялары сайыннарыыга миниистирин солбуйааччыта Олег Иванов мунньахха эттэ диэн, «Парламентская газета» суруйар.
Миниистир бэлиэтээбитинэн, Арктика территорияларын сыыппараҕа көһөрүү бастакы соругунан социальнай уонна стратегическай эбийиэктэри интернет-сибээскэ холбооһун буолар. Кини быһаарыы Чукоткаттан ураты үгүс хотугу эргимтэҕэ туолла диэтэ.