Аҕыйах нэһилиэнньэлээх, суола-ииһэ ыарахан, фтизиатр быраас тиийбэт, туспа ураты олохтоох хотугу эргимтэҕэ баар кыһалҕалары зонатааҕы мунньахха кэпсэттилэр. Мунньахха Ил Түмэн Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоох норуоттарын уонна Арктика дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева кытынна.
Доруобуйа харыстабылын эйгэтин сүрүннээһин фтизиатрия хайысхатын эмиэ таарыйбыта. Аллайыаха, Анаабыр, Эдьигээн, Өлөөн улуустарыгар күннүктээн үлэлиир куойкалар сабыллыбыттара. Ити кэмҥэ Аллараа Халымаҕа (+613,5%), Өлөөҥҥө (+307,6%), Орто Халымаҕа (+157,8%), Үөһээ Халымаҕа (+109,5%), Дьааҥыга (+47,7%), Эдьигээҥҥэ (+17,7%) ыалдьааччы ахсаана эбиллиини көрдөрөр.
«Саха сирин парламена балыыһалар куойка миэстэлэрин, Арктика зонатыгар кыра кыамталаах балыыһалары оннунан хаалларарга үлэни ыытар. Госдумаҕа «РФ гражданнарын доруобуйатын харыстааһын туһунан» сокуоҥҥа көннөрүүлэри киллэрэр туһунан сокуон барылын киллэрбиппит», — диэтэ Елена Голомарева.
Өрөспүүбүлүкэҕэ нуорма-быраап акталара ылыллан тураллар: «СӨ нэһилиэнньэтин сэлликтэн харыстааһын уонна сэллиги утары охсуһууга көмө», «СӨ олохтоох салайыныыларыгар сэллиги утары анал медицинскэй өҥөнү оҥорууга биирдиилээн судаарыстыбаннай боломуочуйалары иҥэрии» сокуоннар.
«Сэллик социальнай ыарыы буолар. Ыалдьар дьон эмтэнииттэн куотунууларыгар эппиэтинэһи сүктэрэр туһунан сокуону оҥоруохха наада», — диэтэ парламентарий. Кини бэлиэтээбитинэн, эмтэнииттэн акаастанар дьон ыарыыны тарҕатааччыларынан буолаллар. Онон маннык дьоҥҥо холуобунай да дьыаланы тэрийиэххэ сөбүн ыйда.
Елена Голомарева этиитин элбэх киһи өйөөтө. «Фтизиатрия» научнай киин тэрилтэ дириэктэрэ, медицинскэй наука доктора Александр Кравченко: «Оннооҕор илиилэригэр эмтэниэхтээхтэрин туһунан күһэлэҥ суругу тута сылдьан, толорботтор, дьону сүһүрдэ сылдьаллар. Биһиги кими да хаайыыга угар санаабыт суох. Ол гынан баран ыарыһах эппиэтинэстээҕин өйдүөхтээх. Маннык нуорма Гонконҥа, Канадаҕа, Америкаҕа, Белоруссияҕа уонна атыттарга баар. Биһиги сыалбыт — накаастааһын буолбатах, эппиэтинэһи күүһүрдүү», — диэтэ.
Ыытыллар үлэ син түмүктэрдээх. Ол курдук, Уһук Илиҥҥи уонна Сибиир федеральнай уокуругар сэллиги утары үлэҕэ 34 хайысха көрдөрүүтүнэн Саха сирин сулууспата бастыҥнар ортолоругар баар. Ол туһунан Александр Кравченко иһитиннэрдэ. Ити өрөспүүбүлүкэҕэ үс таһымнаах систиэмэлээх үлэ ыытылларын түмүгэр ситиһиллибит. Бастатан туран, ФАП-тар уонна кыра кыамталаах балыыһалар (фельдшердэр ыалдьыбыт киһини билиэхтэрин сөп), оройуон балыыһата (анал көмөнү ылар), Дьокуускай куоракка Фтизиатрия киинэ (үрдүк анал уонна технологичнай медицинскэй көмөнү биэрэр).
Ил Түмэн депутаттара Ольга Балабкина уонна Александр Романов көҕүлээһиннэринэн 2015 сыллаахха сэлликтээх дьону социальнай дьиэнэн хааччыйыы сокуона ылыллыбыта. Итиэннэ Саха сирин кылаабынай санитарнай бырааһын уурааҕынан сылга биирдэ хас биирдии өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо флюорографияҕа түһүөхтээх. Бу саҥа киллэриилэр сэллиги кытта охсуһууга биллэр түмүгү оҥорбуттар.
Саха сиригэр туһанааччы быраабын харыстыыр федеральнай сулууспа управлениетын салайааччытын солбуйааччы Изабелла Самойлова иһитиннэрбитинэн, үгүс хоту оройуоннар «бактериологическай прикрытиета» суох хаалбыттар. 13 хотугу эргимтэ улууһуттан Абыйга, Дьааҥыга, Булуҥҥа эрэ үлэлииллэр. Материальнай-техническэй база мөлтөҕүттэн, сэллик анаалыһа киин балыыһа лабораторияларыгар боростуой микроскопия көмөтүнэн оҥоһуллар. Дириҥэтэн чинчийии Дьокуускайга уонна Алдаҥҥа эрэ ыытыллар.