Саха сирин транспорга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэ бирикээһигэр олоҕуран, хоту улуустарга кыра кыамталаах суудуналарга навигация арылынна.
Бэс ыйын 20 күнүттэн Орто Халымаҕа (Алазея өрүс), Аллайыаха, Усуйаана, Булуҥ улуустарыгар уу суолунан навигация арылынна. Бэс ыйын 25 күнүттэн Анаабыр хайысхатыгар сезон саҕаланыа.
«Суудуналаргыт туруктарын бэрэбиэркэлээҥ, хааччыллыы нуорматыгар олохтоммут сириэстибэлэр барыта миэстэтигэр баар буолуохтаахтар. Ордук тоһоҕолоон быыһыыр тэриллэргэ болҕомтоҕутун ууруҥ. Айан кэмигэр бары пассажирдар быыһыыр сэлиэччиктэри кэтэн олорор буолуохтаахтар. Биэрэктэн хоҥнуох иннигэр хас биирдиилэригэр тутуһуллар быраабылаларынан инструктаж ааҕыллыахтаах. Ууга мөлтөх туруктаах суудуналарынан тахсыы бобуллар» — диэн иһитиннэрэ кыра кыамталаах суудуналарга эппиэттээх государственнай инспекция.
This post was published on 20.06.2017 16:56 16:56