Бу күннэргэ Аллайыахаҕа, Дьааҥыга, Эдьигээҥҥэ, Муомаҕа, Өлөөҥҥө, Орто Халымаҕа СӨ бырабыыталыстыбатын отчуоттара буоллулар. Онно бэлиэтэммитинэн, үлэтэ суох дьон ахсаана аҕыйаабыт, орто хамнас үрдээбит, саҥа тутуу киириитэ элбээбит.
Ити эрээри нэһилиэнньэ көһүүтэ билигин да бэлиэтэнэр, доруобуйаларынан аһааҕырааччы син биир баар, олох хаачыстыбата мөлтөх, социальнай, транспортнай, инженернай инфраструктура аныгы олох ирдэбилигэр эппиэттээбэт.
Саха өрөспүүбүлүкэтигэр 2014 сылтан Арктика уонна хоту улуустар 2020 сылга диэри социальнай-экономическай сайдыыларын биир кэлим бырагыраамата үлэлиир. Бу бырагыраама чэрчитинэн элбэх үлэ ыытыллар. Ордук болҕомто саҥа тутууларга ууруллар.
Ааспыт сыл тутууларын ырытар буоллахха, 33 нэһилиэккэ 2-лии, 4-түү кыбартыыралаах эдэр специалистарга анаан дьиэ тутуллар, онтон 19-һа үлэҕэ киллэрилиннэ. Маны сэргэ Абыйга, Аллайыахаҕа, Орто Халымаҕа, Өлөөҥҥө социальнай суолталаах дьиэлэр тутуллаллар.
СӨ инвестиционнай бырагырааматын чэрчитинэн, 2015 сыллаахха Боронукка оскуола, Баатаҕайга спортивнай саала, Дьааҥы Чөрүмчэтигэр ФАП, Эдьигээҥҥэ дьыссаат, Эдьигээҥҥэ «Доруобуйа» элбэх функциялаах киинэ, Эдьигээн нэһилиэгэр, Белай Гораҕа, Өлөөн бөһүөлэгэр баһаарынай деполар тутулуннулар, Чокурдаахха дьыссаат уларытыллан, саҥардыллан биэрдэ.
Дьыссааттары тутуу бастакы уочаракка турар. Билигин Дьааҥы Остуролбатыгар, Ойуһардаахха, Налимскайга, Орто Халыма Арҕахтааҕар, Усуйаана Дьүкээгиригэр тутуллаллар. Кэбэргэнэҕэ уонна Белай Гораҕа спортсаала, Муома Хонуутугар, Орто Халыма куоратыгар, Усуйаана Уяндитыгар култуура объектара.
Баатаҕайга 30 миэстэлээх терапия уонна оҕо отделениелара 80 киһи биирдэ киирэр амбулаториялаах тутуутун бырайыактыыр докумуона оҥоһулунна.
Бу сылга бырагыраама салгыы үлэлиэҕэ: икки оскуола, икки дьыссаат, култуура уонна спорт биэс объега, 14 нэһилиэккэ эдэр специалистарга дьиэ тутуллан киириитэ былааннанар.
Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын сырдатар-иһитиннэрэр ситимнэри кытта үлэтин управлениета иһитиннэрэр.
This post was published on 19.02.2016 11:07 11:07