Хоту улуустарга айан суолларыгар тохтоон сынньанан ааһар пууннары туруордулар

Хаартыска: Дьааҥы хаһыат

«Арктика суоллара» тэрилтэ биэс контейнертан биири «Дьааҥы» суолга Дэрбэкэҕэ туруорда.

Үс пуун «Дьааҥы» суолга, биир — «Үөһээ Дьааҥы» уонна биир — «Арктика» кыһыҥҥы суолга туруоҕа, тэрилтэ пресс-сулууспата суруйар.

Маннык сылытар пуун Муомаҕа «Индигиир» суолга үлэлиир.

Контейнер иһигэр буржуйка оһохтоох, аһыыр остуоллаах, сытан сынньанар сирдээх.

This post was published on 12.03.2024 16:03 16:03