Хоту, Арктика улуустарыгар уу суолунан 340 туонна хортуоппуй уонна оҕуруот аһа тиэрдилиннэ. Итини таһынан аһылыгы сөмөлүөтүнэн тиэрдии саҕаланна. Барыта 800 туонна ас-үөл тиэрдиллиэхтээх. Айан суолунан — 360 туонна, уунан — 340, сөмөлүөтүнэн — 113 туонна.
Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов уу суолунан былааннаммыт ас барыта тиэрдиллибитин эттэ. «Сөмөлүөтүнэн алта туонна аһылыгы таһыахпыт. Улуус төһө аска наадыйарын министиэристибэҕэ биллэрэр. Ол сайаапка быһыытынан үлэлиибит. Сыл бүтүөр диэри сөмөлүөтүнэн 113 туонна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын тиэрдэр соруктаахпыт», — диир миниистир.
Абый, Аллайыаха, Булуҥ, Аллара Халыма, Усуйаана уонна Орто Халыма улуустарыгар тиэрдиллибит хортуоска сыаната улуус кииннэригэр — 76,5 солк быһылынна, нэһилиэктэргэ — 88 солкуобай. Хаппыыстаҕа — 72,05 уонна 84 солкуобай, моркуопка — 95-106 солкуобай сыана олохтонно.
Эдьигээҥҥэ диэри уу суолунан тиэрдиллибит хортуоска сыаната арыый чэпчэки — 65 солк. (уоптабай сыаната – 64 солк.), хаппыыста — 63 солк (уоптабай сыаната — 61 солк.), моркуоп – 88 солк (уоптабай сыана – 80 солк.) уонна сүбүөкүлэ – 84 солк (уоптабай – 78 солк).
«Төттөрү пароходтар балык тиэнэн кэлиэхтэрэ. «Мальчиков» уонна «Магдебург» суудуналар бу күннэргэ кэлэллэрин күүтэбит. Барыта 960 тыһ туонна балык кэлэрэ былааннанар. Билиҥҥитэ 840 туонна балык булууска угуллан сытар. Халыма улуустарын хаһаайыстыбаларыттан ураты тэрилтэлэр былааннарын толорон олороллор. Кыһыҥҥы балыктааһыҥҥа хаһаайыстыбалар соруктарын толороллор ини диэн эрэнэбит», — диир миниистир.
This post was published on 16.10.2020 15:01 15:01