Хоту сылаас күннэр нэдиэлэ бүтүөр диэри туруохтара

Нэдиэлэ бүтүөр диэри Саха сирэ, Урал, Арассыыйа европейскай чааһын хоту өттө куйаас балаһатыгар хабыллыахтара. Килиимэт нуорматыттан лаппа тахсан сылыйыы Саха сиригэр бэлиэтэниэ.  Бу туһунан ТАССка Гидрометцентр научнай салайааччыта Роман Вильфанд этэр.


Арассыыйа европейскай сиригэр, Комига, Архангельскай уобалаһыгар 24-26 кыраадыс сылыйыа, Саха сиригэр — 26-31. Маннык көрдөрүү нэдиэлэ бүтүөр диэри туруо, диир учуонай.

Вильфанд этэринэн, Саха сирин хоту өттүгэр нуорматтан биллэ сылыйыы бэлиэтэниэ. Манна килиимэт нуорматын 14 кыраадыһынан куоһара итийиэ.

This post was published on 22.07.2020 15:01 15:01