Уһук Хоту олорор үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр Россия иһигэр сынньана барар-кэлэр бырайыастарын ороскуота төлөнөр. Маны сэргэ сынньанар сирдэринэн РФ территориятын таһыгар тахсыы эмиэ көҥүл буолуоҕа. Госдуума сокуон барылын сотору көрөргө былааннанар, суруйар Парламентская газета.
«О государственных гарантиях и компенсациях для лиц, работающих и проживающих в районах Крайнего Севера и приравненных к ним местностях» сокуоҥҥа көннөрүүлэри киллэриини «Биир ньыгыл Россия» баартыйаттан депутаттар көҕүлээтилэр.
Сокуон барылын биир ааптара Раиса Кармазина эппитинэн, компенсация ылааччылар ханна сынньаналларын быһаарыылара кэҥиэхтээх. Ол эбэтэр кинилэр Россия иһигэр эрэ сынньаммыттарын буолбакка, тас өттүгэр айаннарын иһин ороскуоттарын эмиэ төлөтүөхтэрин сөп.
Маннык компенсация уруккутун курдук икки сылга биирдэ бэриллэр.
Сокуон барылын көрүү кэмигэр Белоруссияҕа баран сынньанан кэлии бырайыаһа эмиэ төлөнөрүн туһунан нуорма киириэн сөп.
This post was published on 18.12.2020 10:01 10:01