17 Балаҕан ыйа 17.09
  • -2°
  • $ 91,14
  • 101,28

Хоту сиргэ Эбээххэ 200 туонна от кэбиһилиннэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Орто Халыма улууһугар үтүө күннэри баттаһа ходуһаҕа оттор кэбиһиллэн эрэллэр. Иккис Хаҥалас нэһилиэгэр, Эбээххэ 200 кэриҥэ туонна от оттонно.  

Тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Владимир Слепцов, кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон от кэбиһэн эрэрин туһунан иһитиннэрдэ. Маны сэргэ үлэ тэрээһиниттэн бэрт сэргэх хаартысканы, 1969 сыллааҕы таһаарыылаах 52Л нүөмэрдээх  Беларусь МТЗ бэтэрээн-тиэхиньикэ үлэтин толоро сылдьарын, түһэрэн ыытта. 

Хаартыска: Халыма долгуннара хаһыат

Бу тыраахтар Владимир Егорович  Слепцов хаһаайыстыбата. Бу курдук илиилэригэр талааннаах дьоҥҥо, удьуор үлэһит тиэхиньикэ диэн эмиэ баар буолар эбитин итэҕэйиэххэ эрэ сөп, суруйда Владимир Слепцов, @khalymadolgunnara

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА