22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Хоту сиргэ болҕомто эргийдэ. Булуҥ сайдар кэскилин баһылык Афанасий Андросов кэпсээтэ

Хаартыска: Саха парламент саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Баай устуоруйалаах Булуҥ улууһа тэриллибитэ 100 сылын, Тиксии бөһүөлэгин уонна муоратааҕы пуордун 90 сылларын бэлиэтиир. Улуус салалтата бу бэлиэ күннэр чэрчилэринэн араас хабааннаах үлэни ыытар. Баһылык Афанасий Андросов улууһугар олорор аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар төрүт култуураларын, тылларын-өстөрүн, дьарыктарын харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга, итиэннэ үүнэр көлүөнэни үгэс буолбут сыаннастарынан иитиигэ туруулаһан үлэлиир эдэр салайааччы.

— Төрүт үгэһи харыстааһын уонна саҥа технологиялары кытта дьүөрэлээн илдьэ сылдьыы – бу сайдыы саҥа саҕаҕа, — диэн этэр Афанасий Афанасьевич.

Бүгүҥҥү күҥҥэ судаарыстыба Аартыка сайдыытыгар улахан болҕомтотун уурар. Санатан эттэххэ, Тиксии кыраныысса балаһатыгар сытарынан улахан стратегическай суолталаах буолан, дойду национальнай куттала суох буолуутун хааччыйыыга сүдү оруоллаах. Онон Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Владимир Путин 2023 сыл атырдьах ыйын 18 күнүнээҕи сорудаҕынан, Саха Сиригэр хотугу муора суолун «Тиксии-Найба» агломерациятын тирэх пуунун маастар-былаана оҥоһуллар. Онуоха ураты чорботуллар бырайыактарынан Найбаҕа муора пуордун тутуу, Тиксии аэропуордун сөргүтүү, билим чинчийиилэрин кэҥэтии, дьоҕус кыамталаах атомнай ыстаансыйаны туруоруу буолаллар. Ону таһынан, уопсастыбаннай сирдэри, уулуссалары тупсарыы, уунан хааччыйар систиэмэни тутуу, хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү, социальнай тутуулары саҥардыы ыытыллара былааннанар. Муора суола куттала суох буолуутун хааччыйарга РФ Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин уонна Медико-биологическай федеральнай ааҕыныстыба чаастара тэриллиэхтэрэ. Хотугу муора Илиҥҥи кынатынан уу суолун сөргүтүү Саха Сирин уонна бүтүн дойду экэниэмикэтин сайыннарыыга саҥа кыахтары үөскэтэр.

— «Тиксии-Найба» агломерация маастар-былаанын чэрчитинэн, Булуҥ улууһун биир кэлимник чинчийэр сыаллаах, быйыл кулун тутар 1-4 күннэригэр нэһилиэнньэ ортотугар ыйытык ыыппыттара. Маны таһынан, муус устарга Тиксиигэ уонна Найбаҕа маастар-былааҥҥа сүрүн бырайыактары быһаарыыга анаан, стратегическай сиэссийэлэр буолбуттара. Ол түмүгэр дьон санаатын, тугу баҕаралларын истэннэр, маастар-былааны олоххо киллэриигэ нэһилиэнньэ үгэс буолбут дьарыгын учуоттаан, ону ыспакка, сүтэрбэккэ олоҕу тупсарар хайысхалары торумнаатылар.

1_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Төрүт үгэстэргэ тирэҕирэн  

Булуҥ урут-уруккуттан тыа хаһаайыстыбатын улууһунан буолар. Билиҥҥи туругунан улууспутугар уопсайа 15 тыһыынча табалаахпыт. Табаһыт олус ыарахан үлэлээх, саамай ытыктанар, өрө тутуллар үлэ дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, бу дьон сылы эргиччи айылҕаҕа олорон, табаларын көрөн-истэн, өбүгэлэрбит төрүт үгэстэрин, дьарыктарын илдьэ сылдьаллар. Холобур, Найбатааҕы «Приморскай» судаарыстыба унитарнай тэрилтэтин салайааччы Владимир Владимирович Алексеев таба иитиитигэр уонна балыктааһыҥҥа улахан үлэни ыытар. Ол курдук, 4 тыһ. табалаах, 20-чэ туонна балыгы бултуур  кубуоталаах. Махтаныам этэ Күһүүрдээҕи «Булуҥ» СУТ дириэктэригэр Руслан Семенович Лукиҥҥа. Кинилэр Эбээн Бытантай уонна Усуйаана улуустарыттан таба атыылаһан аҕаланнар, номнуо төрдүс ыстаадаларын тэрийдилэр. Дьиҥинэн, бу тэрилтэ аҕыйах сыллааҕыта, чуолаан 2016-2017 сс., ыарахан балаһыанньалаах этэ, хаһаайыстыбаны сабан, табалары барытын чааһынай бас билиигэ биэрэр туһунан боппуруос көтөҕүллэ сылдьыбыта. Онуоха Күһүүр аҕа саастаах удьуор табаһыттара Егор Молотович, Афанасий Молотович Никитиннэр: «Тэрилтэбитин хаалларыахха наада, салгыы сайдарыгар үлэни ыытыахха, эдэр ыччаты таба иитиитигэр сыһыарыахха», — диэн күүстээхтик туруорсубуттарын оччотооҕу улуус баһылыга Игорь Владиславович Кудряшов ылынан, толорон, бүгүн тэрилтэ ол ыарахан кэми ааһан, сайдыы суолугар үктэннэ. Бу олох үчүгэй көрдөрүү. Маны таһынан, Александр Александрович Андросов салайыытынан «Таймылыырдааҕы» СУТ уонна Федор Дмитриевич Сердцев салалтатынан Быков нэһилиэгин, мин көрдөхпүнэ Арассыыйаҕа соҕотох холкуос быһыытынан тэриллибит, «Аартыка» артыал олус үчүгэйдик тэринэн, балыктыыр учаастактарын сөргүтэн, сөптөөх үлэлиир усулуобуйаны тэрийэн, үлэ-хамнас бөҕөлөр. Ону киһи көрө-көрө үөрэр эрэ, үлэлиэн баҕата өссө күүһүрэр.

4_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Холобур буолар хампаанньа

«Тиксии-Найба» агломерациятын тирэх пуунун чэрчитинэн биһигини улахан уларыйыы, балысхан сайдыы күүтэр. Онно олохтоохтор бэлэм буолуохпутун наада. Маныаха, саамай сүрүн кыһалҕанан сир боппуруоһа буолуоҕа. Тоҕо диэтэххэ, ыстаадаларбыт табаны мэччитэр уонна бултуур сирдэрбитин бас билиибитигэр суруттардахпытына эрэ бэйэбитин көмүскэнэр, бырааппытын туруорсар кыахтаныахпыт. Ол иһин, сокуонунан көмүскэнэр, киирсэр ньымалары билиэхтээхпит. Холобура, «АЛРОСА» аахсыйалаах хампаанньа биһиги улууспут сайдыытыгар эрэ буолбакка, бүтүн Аартыка инникитигэр улахан кылааты киллэрэр диэн бэлиэтээн этэбин. Булуҥҥа бу хампаанньа иһинэн үлэлиир «Анаабыр алмаастара» тэрилтэ Молодо бириискэтигэр сир баайын хостуур. Социальнай-экэнэмиичэскэй бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэҥ чэрчитинэн, улууска сыл аайы 21 мөлүйүөн солкуобайы биэрэр. Ол суумматтан 10 мөлүйүөнү төрүт сиргэ таһаарар хорумньутун иһин толуйар. Маны таһынан, араас хабааннаах көмөтө баһаам. Уопсайынан, сир баайын хостооччулар бары «Анаабыр алмаастарыттан» холобур ылан, тииптээх бырайыагы оҥорон, нэһилиэнньэни кытта бииргэ, көдьүүстээхтик үлэлииллэрэ буоллар, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар олорор сирдэрин киртийиитин боппуруоһа үөскүө суох уонна өрөспүүбүлүкэбит социальнай-экэнэмиичэскэй өттүнэн өссө күүскэ сайдыа этэ дии саныыбын.

3_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy_copy.jpg

Эрэли үөскэтэр

Биһиэхэ барыта үчүгэй буолбатах, элбэх кыһалҕалаах боппуруостардаахпыт. Холобура, сэбиэскэй саҕана тутуллубут ууну хаайар быһыт көрүүтэ-истиитэ суох турбута, онно 2022 сыллаахха алдьаныы тахсан, Тиксии иһэр уута суох хаалар кутталламмыта. Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев оробуочай сырыытынан кэлэ сылдьан, балаһыанньаны миэстэтигэр билсэн, сөптөөх дьаһаллары биэрэн, быһыты чөлүгэр түһэрии үлэтин ыытаммыт, быйыл этэҥҥэ кыстаатыбыт. Билигин онно киэҥ хабааннаах үлэ бара турар. Айсен Сергеевичка көдьүүстээх уонна кытаанах санаалаах быһаарыныылары ылынан инники сайдыыбытыгар эрэли үөскэтэригэр махтанабыт. Биһиги сыалбыт диэн Ил Дархаммыт туруорбут сорудахтарын олоххо киллэрэн үлэлиирбитигэр сытар.

Түгэнинэн туһанан, Арассыыйа Федерациятын Бэрэсидиэнигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Сандаминович Федотовы махталынан ахтабын. Кини бэйэтэ Тиксиигэ үлэлии сылдьыбыта, Москубаҕа тустаах үлэтин таһынан, Тиксии боппуруостарынан дьүккүөрдээхтик дьарыктанар, хас биирдии кыһалҕабытыгар мунньахтары тэрийэн, тоҕоостоох быһаарыылары биэрэр.

Сайдыы бу курдук барар, биһиги онно инники кирбиигэ сылдьыахтаахпыт.

***

Сэһэргэһээччим, Афанасий Афнасьевич, олохтоохтук саҥарарын-иҥэрэрин, салайар улууһун кыһалҕаларын дириҥник ырытарын, дойдутун инники сайдыытыгар туох көрүүлээҕин быһааран кэпсиирин-ипсиирин истэ олороммун, эдэр киһи диэтэххэ бэрт дуоспуруҥнаах, дириҥ толкуйдаах эбит ээ диэммин астынным. Итиэннэ өбүгэм уутуйан олохсуйбут улууһа, Булуҥ, инники кэскиллээҕэр бигэтик эрэнним.

Антонина Неустроева, Саха парламент саайт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА