Хоту сир олохтоохторо үрдүк хаачыстыбалаах сибээһи эрэнэ кэтэһэллэр

Хаартыска: Бытантай уоттара хаһыат

Ил Дархан Айсен Николаев 2027 сылга диэри Саха сирин Аарктыката ВОЛС -ка толору холбонуоҕа диэн этэн турар. 2025 сылга диэри 86 ыарахан суоллаах-иистээх нэһилиэнньэлээх пууннар оптоволоконнай сибээс уонна 4G мобильнай ситимнэргэ холбоноллоро былааннанар. Бу үлэлэр “Синергия Арктики” бырайыак иитинэн ыытыллар.

Билиҥҥи кэмҥэ маныаха үлэ тэтимнээхтик ыытыллар. Ол курдук, ааспыт сыл от ыйыттан Эдьигээн улууһугар оптоволоконнай сибээс ситимэ таҥыллан, тутуллан бу улуус олохтоохторо номнуо үрдүк хаачыстыбалаах интернет сибээһинэн хааччылыннылар. Бырайыак иккис түһүмэҕэ Дьааҥы Баатаҕайыгар уонна Эбээн Бытантай Баатаҕай – Алыытыгар диэри оптоволоконнай сибээс ситимин тутуу буолар.

Бу күннэргэ улуус киинигэр «Арктик телеком» исписэлиистэрэ  — отдел салайааччыта Федор Скрябин, сүрүннүүр инженер Афанасий Нестеров уонна бу тэрилтэ Дьааҥыга бэрэстэбиитэлэ Николай Горохов Дьокуускай куораттан сиринэн айаннаан кэлэ сырыттылар.

Федор Скрябин: «Синергия Арктики» диэн сүҥкэн социальнай суолталаах  бырайыагы олоххо киллэрэр сыалтан биһиги хампаанньабытыгар саҥа салаа арыйбыппыт. Бырайыак чэрчитинэн Хандыга – Баатаҕай – Баатаҕай Алыыта сэлиэнньэлэр икки ардыларыгар трассаны чинчийэбит, үөрэтэбит. Дьокуускайтан массыынанан айаннаан маныаха диэри хас биирдии өрүс, үрэх, хайа ааһар сирдэрин көрдүбүт- иһиттибит, грунт үөрэтэбит. Биллэн турар, маныаха диэри суол – иис ыарахан, оптоволоконнай ситими тардар кэккэ ыарахан эрээри, кыаллыбат диэн суох. Сорук баар, толоруохпут. Биһиги билигин бырайыак тэхиниичэскэй чааһын бэлэмниибит, ол кэннэ бырайыактыыр – симиэтэлиир докумуонун экспертизаҕа туттарабыт. Салҕыы бырайыак үбүлээһинэ бу сыл ахсынньытыгар диэри тиэрдиллиэхтээх. Дьэ, ол кэннэ 2025 сыл саҥатыттан сибээс ситимин тутуута саҕаланар. Эбээн Бытантайга диэри үрдүк хаачыстыбалаах сибээс ситимэ 2026 сылга толору киириэхтээх».

Онон, хоту сир олохтоохторо биир – икки сылынан баҕарар баҕабыт туолан, үрдүк хаачыстыбалаах сибээһинэн хааччыллыахпыт.

Ааптар: Яна Рожина, Бытантай уоттара хаһыат.

This post was published on 28.03.2024 15:01 15:01