Хоту дойду олохтоохторугар спутник нөҥүө интернеккэ тахсыыларын ороскуотун толуйуохтарын сөп

Өрөспүүбүлүкэ салалтата регион арктическай оройуоннарыгар спутник сибээһин абоненнарын ороскуоттарын федеральнай бюджеттан компенсациялыыр туһунан кэпсэтии ыытар. Маны сэргэ, интернеккэ холбонуу боппуруостара үөрэтиллэллэр. 


«Биһиги боппуруоһу Россия сибээһин министиэристибэтигэр туруордубут. Хоту оройуоттар олохтоохторун спутнигынан сибээстэрин тарыыбын компенсациялыыр туһунан. Сыыппаранан дьон туттуутун тэҥниир сыалтан федеральнай киини кытта үлэлиибит», — диэтэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Кирилл Бычков предпринимательство сүрүннүүр сэбиэтигэр.

Спутник сибээһигэр үрдүк тарыып уонна түргэнин хаачыстыбата хоту дойду олохтоохторугар дьайыыта мөлтөх. Мунньахха предпринимателлэр эппиттэринэн, интернет түргэнэ бытааныттан электроннай куонкурустарга кыттар кыахтара сабыллар, отчуот тиксэриитин болдьоҕун кэһиигэ тириэрдэр, онтон сылтаан ыстараап төлөнөр.

Инновация миниистирин солбуйааччы Георгий Андреев бэлиэтээбитинэн, интернеккэ холбонууга спутникка тахсыы 1 Мбит/с сыаната чааһынай сирэйгэ 20 тыһ.солк., тэрилтэлэргэ — 49 тыһ.солк. кэриҥэ. Спутник сибээһиттэн атын көрүҥ Арктика эргимтэтигэр суох.

Биэдэмистибэҕэ эппиттэринэн, интернет түргэнин улаатыннарыы 2025 сылга диэри саҥа спутниктары туруордахха эбэтэр сиринэн оптоволокно ситимин киллэрдэххэ эрэ кыаллар. Холобур, муниципальнай-чааһынай бииргэ үлэлээһин чэрчитинэн, Удачнай — Өлөөн хайысханан ВОЛС тутуута саҕаланна. Бырайыагы олоххо киллэрии инникитин Өлөөн — Сааскылаах хайысханы тутуһуохтаах.

«Цифровая экономика» нацбырайыак иитинэн Хаандыга — Уус-Ньара – Хонуу — Зырянка – Орто Халыма – Черскэй хайысхатынан 2024 сылга диэри оптиканы киллэрэр үлэ барар. Барыллаан үбүлээһинэ – федеральнай бюджет. Бырайыак 4,6 млрд солк тэҥ.

«Федеральнай таһымҥа Хотугу муора суолун кыйа ВОЛС киллэрэр боппуруос үөрэтиллэр. Манна Тикси хабыллыахтаах. Эбии нэһилиэнньэлээх пууннары киллэрэр туһунан этии ыытыллан турар», — диэтэ Георгий Андреев.

This post was published on 04.03.2020 09:33 09:33