Уһук хоту Орто Халыма улууһугар 90-с сыллардааҕы дойдуга буолбут ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр тыа хаһаайыстыбатын биир тутаах салаатын — сылгы хаһаайыстыбатын тутан хаалбыт нэһилиэгинэн Бастакы Хаҥалас нэһилиэгэ буолар.
Буолаары буолан инникини өтө көрөн, 1990 сыл олунньу 2 күнүгэр „Север“ АПК киэҥ ыҥырыылаах коллегиятыгар Орто Халыма оройуонугар „Өлөөкө Күөл“ сопхуос сылгы собуота буоларыгар этии киирэн, куоластааһын түмүгүнэн ити этии бигэргэммитэ.
Кэлин 2010-2011 сылларга РФ тыа хаһаайыстыбатыгар боруоданы бигэргэтиитигэр экспертнэй сэбиэт уурааҕынан, Саха сиригэр үс сылгы боруодата бигэргэммитэ. Олор истэригэр „саха“ боруодатыгар икки заводской тиип бигэргэммитэ. Ол курдук халыма сылгыта „колымскай“ тиип быһыытынан билиниллибитэ.
Ити кэскиллээх дьаһал кэнниттэн, номнуо 26 сылын Орто Халыма улууһугар „Өлөөкө Күөл“ сылгы собуота өрөспүүбүлүкэттэн үбүлэнэр улахан хаһаайыстыба буолан ньир-бааччы дьаһанан олорор.
Бүгүҥҥү туругунан, Собуот 1400 сылгылаах. Сиэн Күөл нэһилиэгэр филиаллаах. Дьиҥ Өлөөкө Күөллээҕи собуокка 980 сылгы хараллан турар. Итини таһынан 300 ынах сүөһүлээх, итинтэн 100-һэ — ыанньык ынах.
Бу күннэргэ Дьокуускайтан „Сахамедиа холдинг“ ААУо генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта Афанасий Иванович Ноев кэлэ сылдьан, Өлөөкө Күөлгэ тиийэн собуот „Чоҥкуйа“ 1-кы звенотугар ыалдьыттаата, сылгыһыттары кытта көрсөн кэпсэттэ. Манна 300 сылгы, итинтэн 170 төрүүр биэ көрүүгэ-истиигэ тураллар.
57 саастаах, 38-с сылын сылгыһытынан үлэлиир Владимир Иннокентьевич Винокуров бүгүҥҥү күннээҕи үлэтин туһунан бу курдук ахтар: „Биһиги Чоҥкуйа 1-кы звенотугар 3 сылгыһыт буолан үлэлии сылдьабыт. Бүгүҥҥү туругунан 10 кулуннаахпыт. Билигин сүрүн үлэбит сылгыларбытын аһатабыт. Биэлэри атыырдартан арааран, күрүөҕэ таһааран төрөттөбүт. Кыһыҥҥы кэмҥэ хаһыырга үлэлэһэбит, хонтуруоллуубут. Сайын бырдах кэмигэр үлэбит элбиир. Салалта өттүттэн болҕомто баар. Тиэхиникэнэн хааччыллыыбыт сыллата тупсар. Кэлэн оппутун-маспытын тиэйэн, түэһэрэн биэрэллэр. Үлэлииргэ бары усулуобуйа да, баҕа да баар.
Былырыын 1600 тонна оттообуппут. 2 саҥа „Беларусь“, 2 рулоннай ыламмыт, механизированнай биригээдэ тэринэн оттообуппут. Ол түмүгэр киһи илиитин үлэтэ көҕүрээн, бириэмэҕэ да ыктарбакка үлэлээбиппит.
Биһиги айылҕабыт тыйыс, үгүс тибиилээх буолан механизатордарга тиэйии-таһыы үлэтэ уустуктардаах. Сылгыһыттарга да ыарахан. Ону аахсыбакка үлэлиибит. Сүрүн кыһалҕабыт хоту сиргэ суол-иис буолар. Кыһын эрэ айан суола оҥоһуллар. Саас эрдэ сабыллар. Ол иһин бу быыһык кэмҥэ кэлэр сыл тохсунньутугар диэри тиийинэр уматыкпытын, аспытын, хаһаайыстыбаҕа наадыйар малбытын-салбытын, саппаас чаастарбытын тиэнэн кэбиһиэхтээхпит. Маныаха бюджеппытын кыбаарталынан көрөр буолан уустуктардаах“.
Салгыы хоту сиргэ сылгы иитиитин уратыларын, уустуктарын туһунан Сылгы собуотун дириэктэрин солбуйааччы Иван Иванович Винокуров бу курдук кэпсиир: „Биһиги хотулар уратыбыт диэн сайыммыт кылгас уонна олус бырдахтаах. Сүөһүбүтүн күөххэ үктэннэрдибит да, киин улуустарга курдук мэччирэҥҥэ босхо ыытан кэбиспэппит. Төттөрүтүн, үлэбит өссө элбиир. Сайыҥҥы бырдахха үлэһиттэргэ көмөҕө эбии иккилии киһини көрөбүт.
Ол курдук 2-лии чаас буола-буола хаһааҕа киллэрэн уулатабыт, бырдахтан көмүскүүбүт. Ити курдук төгүрүччү түүнү-күнүһү аахсыбакка үлэлиибит.
Сыана сыллата үдүүр, ону кытта уматык, саппаас чаастар эмиэ.
Билигин кириизис тыына биһиэхэ эмиэ билиннэ. Былырыыҥҥа диэри бюджеппыт 29 мөлүйүөн эбит буоллаҕына, быйыл 20 мөлүйүөҥҥэ диэри сарбылынна. Ити улахан охсуу буолар. Холобур, былырыын племпродажаҕа 60 төбөнү Нам, Муома, Аллараа Халыма улуустарыгар ыыппыт эбит буоллахпытына, быйыл кириизиһинэн сибээстээн, сайаапка аҕыйаата, 15 эрэ убаһаны ыытан турабыт“.
Дьэ, бу курдук тыйыс айылҕалаах уһук хоту саха сылгыта тэнийэрин туһугар боччум санаалаах хоһуун сылгыһыттар күннэрин-дьылларын аахсыбакка үлэлииллэр. Киһи үөрүөх, Сылгы собуотугар үлэлиэн баҕалаах көҕүрээбэт, төттөрүтүн, эдэр уолаттар үлэлииргэ дьулуһаллар. Сылгыһыт орто сааһа 43-кэ тэҥнэһэр. Бу сылдьыбыт Чоҥкуйа 1-кы звенотугар 31 саастаах эдэр уол быйылгыттан үлэҕэ киирэн аҕа саастаах наставниктарын кытта тэҥҥэ уһаарылла сылдьар.
This post was published on 21.04.2016 12:20 12:20