Бу күннэргэ Өлүөнэ эбэ мууһа Хаҥалас оройуонун территориятынан ааһар. Хоточчу 2010 сыллаахха ууга барыаҕыттан, олохтоохтор сылын аайы «уу хаайыытын» бэлэм көрсөллөр.
Бу күннэргэ сылгылаахтар Босхоҥ учаастакка үөрдэрин хаайар далларын өрөмүөннээн, дэриэбинэ сыспай сиэллээҕин барытын үүрэн онно таһаардылар.
Нэһилиэнньэлээх пуунтан 3,5 км тэйиччи мырааҥҥа сүөһүлэрэ, уу кэлэр түгэнигэр, сиир отторун бу күннэргэ тастылар, техникаларын илдьэллэр. Бэтэринээр пууна бэлэмнэннэ.
Эвакуация 2-с нүөмэрдээх пуунугар дьон быстахха олорор дьиэтэ, медпуун, подстанция баар. Ыксаллаах быһыы-майгы буолар түбэлтэтигэр, дьону онно олохтууллар, уоту тустаах исписэлиистэр холбууллар.
Олохтоох дьаһалта нэһилиэнньэҕэ уу хаамыытын туһунан информацияны биллэрэ, туох-ханнык дьаһал ылылларын иһитиннэрэ турар.
«Уу биһиги территориябытынан бу нэдиэлэ бүтүүтэ ааһарын күүтэбит. 2010 сыллааҕы түбэлтэ хатыламматын туһугар бэлэмнэнии үлэтин эрдэттэн ыытабыт. Дьон бэйэтэ онно кыһаллар. Көрө-истэ сылдьан, дьаһаналлар. Билигин сылгылары үрдүк сиргэ таһаартаан, хаайдыбыт. Сүөһүлэрбитин дьиэттэн ыраатыннарбакка тутабыт. Этэҥҥэ ааһар ини диэн олорон биэрбэккэ, дьаһаллары ылабыт. 2010 сыллаахха элбэх киһи дьиэтэ ууга алдьаммыта, сүөһүлэр, сылгылар ууга былдьаммыттара, хаһаайыстыбаҕа хоромньу бөҕө тахсыбыта», — диэн СИА-ҕа баһылык Дмитрий Варламов кэпсээтэ.
Ааптар: СИА
This post was published on 17.05.2023 14:01 14:01