Бэс ыйын 1 күнүттэн Хоточчуга үүт холодильнига холбонно. Үүт туттарааччылар биир сүрүн кыһалҕалара быһаарылынна.
Хаҥалас улууһун 1-кы Дьөппөнүгэр соҕотуопкалыыр тэрилтэ күн аайы 1000-тан тахса л үүтү тутар. Манна Хоточчуттан түөрт бааһынай хаһаайыстыба холбоон күн аайы 500 л үүтү биэрэллэр.
«Хаҥалас Агрохолдинг» ТХППК толорооччу дириэктэрэ Артур Винокуров эппитинэн, былырыын былаан туолбут. «Быйыл да былааны толорууга күүстээх үлэ барар. Пиэрмэрдэр үүттэрин хаачыстыбатын сүтэрбэт сыалтан, холодильнигы бэйэбит үппүтүнэн атыылаһан туруордубут. Итиигэ массыынанан бөтүөннэргэ тиэллэн кэлэр үүт аһыйыан сөп, оччоҕуна үүт састааба уларыйар, сыата кыччыыр, ол үүт туттарааччы дохуотун кыччатар. Холодильник температурата +0-4tC, иэнэ 20 туонналаах контейнер», — диэтэ кини.
Уйбаан Дмитриев ИП «Э.М. Варламов» хаһаайыстыбатыгар ынах ыыр. Маннык холодильник туруорбуттарын биһириир. «Үүтү ыаммытынан сибиэһэйдии туттарабыт. Оччоҕуна сыата түспэт. Билигин үүт сыаната 70 солк буолбута, үлэлииргэ үчүгэй», — диир ыанньыксыт.
Хоточчуга, ыам ыйын 1 күнүнээҕи туругунан, сүөһү уопсай ахсаана — 438 төбө, ол иһигэр бааһынай хаһаайыстыбаларга — 185. Ыанар ынах 172 төбө, ол иһигэр хаһаайыстыбаларга 82.
This post was published on 07.06.2023 09:01 09:01