Хоточчу оҕолоругар өрөспүүбүлүкэ СМИ-лэрэ добун суруктары туттардылар

Ярослав Пестерев ийэтин кытта

Хаҥалас улууһун Хоточчу сүрүн оскуолатын үөрэнээччилэрэ бэҕэһээ Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктара буолла. Бу күн үс оҕо «Чохоон» оҕо интернет-ханаалын, Кэскил14.ру оҕо саайтын уонна тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспатын добун суруктарын туттулар.

Хоточчуга айар куттаах дьиэ кэргэттэри өйүүр сыалтан, Саҥа дьылы көрсө предприниматель, бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Радомир Варламов дьиэ кэргэнин бирииһигэр айар куонкурус ыытыллар.

«Быйыл тэрээһин үһүс сыла. Бастаан истиэнэ хаһыатыгар куонкурус ыыппыт эбит буоллахпытына, быйыл «Саҥа дьыллааҕы остуоруйа» диэн остуоруйа суруйуутугар биллэрбиппит. Дьиэ кэргэнинэн кытталлар. Эбээ, эһээ, убай, эдьиий, ким да туора турбат диэн балаһыанньалаах. Оскуола дириэктэрэ Римма Сергеевна Слепцова, бибилэтиэкэрэ Лидия Петровна Егорова тэрээһини көҕүлүүллэр. Киниэхэ махтанабыт. Быйыл дьүүллүүр сүбэҕэ өрөспүүбүлүкэ сырдатар-иһитиннэрэр тиһиктэрэ үлэлээтилэр, бэйэлэрин добун суруктарын туттардылар. Олус махтанабыт. Биһиги саамай бастыҥ остуоруйа диэҥҥэ бирииспитин биэрдибит», — диэтилэр Варламовтар дьиэ кэргэн.

Дьүүллүүр сүбэ быһаарбыт бастыҥ остуоруйата — Ярослав Пестерев «Хаар» остуоруйата.

«Чохоон» оҕо интернет-ханаалын бирииһэ — Ярослав Пестерев «Хаар» остуоруйата.

Кэскил14.ру оҕо саайтын бирииһэ — Аркадий Неустроев «Эрэл» остуоруйата.

Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспатын бирииһэ — Таисия Богданова «Дьуос» остуоруйата.

Куонкуруска кыайбыт дьиэ кэргэттэр, оҕолор олус кыһаллан кыттыбыттар. Инникитин даҕаны маннык оҕо талаанын арыйар тэрээһиннэр ыытылла туралларыгар баҕа санааларын эттилэр. «Ярослав наһаа үөрдэ. Биһиги эмиэ. Куонкуруска кыттаары бары биир идеяҕа түмүллэн, элбэх интэриэһинэйи кэпсэтэн, остуоруйабытын айдыбыт. Наһаа үөрдүбүт», — диэтэ кыайыылаах дьиэ кэргэн ийэтэ Дария Готовцева.

Аркадий Неустроев эбэтин кытта
Ярослав Пестерев ийэтин кытта
Таисия Богданова ийэтин кытта
Варламовтар дьиэ кэргэн оҕолоро кыайыылаахтары эҕэрдэлииллэр

This post was published on 27.12.2024 12:01 12:01