Үс сыл анараа өттүгэр биир эрэ ыанньыктаах ыал билигин 50 ыанар ынахтаах. «Баҕалаах буоллахха, кыһалыннаххына — кыаллар, сатанар. Тыа сиригэр хаһаайыстыбалаах буолуу — дохуот, оҕолоргор хаалларар баайыҥ«, — диир Хоточчу сэлиэнньэтин сис олохтооҕо Дмитрий Матвеев. Санкциялар киирэннэр, билигин олохтоох оҥорон таһаарыынан дьарыктанар дьоҕус уонна орто урбаан бэрэстэбиитэллэрин өйүүр бырагыраамалар күүскэ үлэлиэхтэрэ диэн буолла. 2004 сыллаахха тэриллибит “Ситим” бааһынай хаһаайыстыба “Дьиэ кэргэн пиэрмэтэ” куонкуруска кыттар былааннаах. Бу иннинэ судаарыстыбаттан өйөбүллээх дьаһалларынан туһана илик.
Матвеевтар үс сыллааҕыта биир ыанньык ынахтаахтара. Билигин уопсайа 80-ча төбөлөөхтөр.
Дмитрий Васильевич Матвеев олохтоох оскуолаҕа физкультура учуутала, кэргэнэ Зинаида Дмитриевна – математиканы үөрэтэр. Түөрт оҕолоохтор, сиэннэрдээхтэр. Бары улаатан, дьоҕус дэриэбинэттэн киин сиргэ таласпыттар. Арай кыралара Василийдара төрөөбүт түөлбэтигэр төннөн кэлбит. “Дьонум тэриммит хаһаайыстыбаларын ким эрэ тутан хаалыахтаах буоллаҕа. Ас-үөл бэйэ тиэргэниттэн тахсар, бары мантан аһаан олоробут. Аны туран, тыа сирин сөбүлүүбүн. Куоракка олоро сылдьыбытым, ити эрээри Хоточчум тарда турар”, — диир эдэр киһи. Аҕатын хаһаайыстыбатыгар көмө буолаары куораттан көһөн тиийбит уолун быһаарыныытын Дмитрий Васильевич сөбүлүүр.
Матвеевтар хаһаайыстыбаларыгар уопсайа 80-ча сүөһүлээхтэр, ол иһигэр 50 ыанар ынах. Кулун тутар 24 күнүнээҕи туругунан 15 ньирэй төрөөбүт. “Төрүөхтээх ынах бары уулаахтар. Онон элбиэхтээхпит. Үс сыллааҕыта биир эрэ ыанньыктаах этибит. Онтон сылын аайы эптэр-эбэн, уопсайа 80-ча төбөҕө тириэртибит”, — диир пиэрмэр.
Дмитрий Васильевич бу иннинэ сылгынан сылдьыбыт. Ыраах, дэриэбинэттэн тэйиччи баазатын олохтообут. “Сылгыны дэриэбинэ таһыгар тутуллубат. Сылгы ыраах сыһыыларынан сылдьар буоллаҕына биирдэ сылгы буолар. Онон Саха сирин тыйыс айылҕатыгар сылгыны иитии ыарахан. Сайынын уот кураан, кыһынын тоһуттар тымныы. Эдэр буолан кыанан сылдьыллыбыта, билигин сааһырдым. Ол да буоллар икки үөрдээхпин. Саамай элбээбитэ сэттэ үөрү тута сылдьыбыттаахпын. Билигин дьиэттэн чугас сүөһүнү тутар ордук диэн санааҕа кэлэн, бу хаһаайыстыба тэринним”, — диэн кэпсээтэ.
Эдэр сааһыттан тыа сиригэр сылгыны, сүөһүнү иитэн олорбут киһи: “Хаһаайыстыбалаах буолар диэн – дохуот”, — диэн этэр. Бу билиҥҥи санкциялар киирбит кэмнэригэр ордук көдьүүстээх курдук.
Дойду салалтата олохтоох бородууксуйаны оҥорууга болҕомтото улаатта. Өрөспүүбүлүкэ былааһа тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар бюджеттан тыырар үбүлээһинин чааһын улаатыннарар, АПК-ы өйүүр бырагыраамалар үлэлииллэр. Маныаха дьоҕус уонна орто урбаан бэрэстэбиитэллэригэр эрэл улахан.
Дмитрий Васильевич уолун Василийы кытта “Дьиэ кэргэн пиэрмэтэ” куонкуруска кыттар былааннаахтар. Бу иннинэ судаарыстыбаттан өйөбүллээх дьаһалларынан туһана илик. Онон Хаҥалас улууһун тыа хаһаайыстыбатын департаменыгар уонна олохтоох дьаһалтатыгар этии киллэрбит. “Өйүөх буолбуттара”, — диир.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, “Дьиэ кэргэн пиэрмэтэ” Бэрээдэгин балаһыанньатыгар быйыл кэккэ уларыйылар киирээри тураллар. Онно сурулларынан, урукку курдук 25-тэн үөһэ төбө ыанар ынахтаах буолуохтааххын диэн ирдэбил тохтуур. Ол оннугар ИП сыллааҕы киллэрэр дохуота көрүллэр. Ол эбэтэр, сылга 900 тыһ солк тахса харчыны эргиппит буолуохтаах.
“Үүт туттарабыт. ИП-бын. Үүт харчыта үрдээбитэ тута биллибитэ. Дохуоппут эбиллэ түспүтэ. От мустарар, сүөһү атыыласпыппыт. Билигин өссө үрдүүр диэн эппиттэрин сөбүлүү истэ сылдьабын. Бу иннинэ биирдэ да судаарыстыбаттан өйөбүллээх бырагыраамаҕа кыттыбатаҕым. Быйыл “Дьиэ кэргэн пиэрмэтэ” диэҥҥэ боруобаланан көрөөрү сылдьабыт. Өскөтүн граны ылар түбэлтэбэр, хотоммун улаатыннарыам. Билигин сүөһүлэрбин үс сиринэн тутабын. Бэйэм хотонум кыра, онон икки хотону дьонтон уларсабын. Аны оттуурбар саҥа техника наада курдук. Эргэ 50-наах маркалаах тыраахтыры бөлөрүүскэ көһөрөн үлэлэтэ сылдьабын. Икки шассилаахпын. Бу сылларга ынах төбөтүн ахсаанын эбиигэ ылсан кэллим. Оттуур сир баар курдук — холбоон 40 гектар”, — диэн былаанын үллэһиннэ.
Дьиэ кэргэн пиэрмэтэ” куонкуруска ким кыттыан сөбүй?
Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын ырыынагын дэлэтиигэ анаммыт Ил Дархан 2019 сыллаахха таһаарбыт ыйааҕар олоҕуран ыытыллар дьаһал буолар. Бу чэрчитинэн дьиэ кэргэнинэн пиэрмэлэри үлэлэтиигэ судаарыстыбаттан субсидия көрүллэр. Дойду президиэнэ Владимир Путин ылыммыт 12 национальнай бырайыактарыттан биирдэстэрэ — «Дьоҕус уонна орто предпринимательство уонна индивидуальнай предпринимательскай көҕүлээһини өйөөһүн»
“Дьиэ кэргэн пиэрмэтигэр” икки (биирэ баһылык бэйэтэ) уонна онтон элбэх чилиэннээх бааһынай хаһаайыстыба эбэтэр тыа сиригэр олорор тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар ИП статустаах киһи кыттыахтарын сөп. Ылыммыт бизнес-былааннарынан биэс сыл үлэлиэхтээхтэр.
Ханна үөрэтэллэрий?
Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар көрүллэр грант бырагыраамаларыгар кыттыан баҕалаах пиэрмэрдэри Арктикатааҕы агротехнологическай университет идэҕэ үөрэтэр института үөрэтэр, бэлэмниир. Манна агробизнеһынан дьарыктаныыга, онно туох-ханнык ирдэбиллэр туруоруллалларын, ханнык сокуоннар баалларын, бизнес-былаан бырайыагын суруйууга куурустары ааһыахха сөп.
Ааптар: Полина Николаева
This post was published on 25.03.2022 13:01 13:01