Ньурба улууһугар тыа хаһаайыстыбатын департаменын салайааччыта Леонид Ушканов Хорулаҕа сылдьан олохтоох кээпэрэтииптэри, хаһаайыстыбалары кытары көрүстэ.
«Эрчим» кээпэрэтиип 96 сүөһүнү тутан турар, сорохторо баппакка 4-5 ыалынан тураллар. СХПК «Хорула» 70 төбөлөөх. Күһүн эмиэ хотонноругар батарбакка, хомойуох иһин, 20 төбөнү туттубуттар. Онон икки хаһаайыстыбаҕа хотон тутуутун боппуруоһа сытыытык турар.
Үүт ас переработкатынан дьарыктанар «Уйгун» кээпэрэтиип таһаарыылаахтык үлэлии турар. Үүт, арыы, сүөгэй эрэ буолбакка, аһытыллыбыт үүттэн эмиэ араас бородууксуйаны астыыллар.
Аҕыйах сыллааҕыта «Эрчим» уонна «Хорула» кыттыгас арыы сыаҕын арыйбыттара эмиэ үлэлии турар. Маны таһынан эбии үп киллэрэр сыалтан килиэп, бисквит, араас бурдук аһы оҥорон атыылыыллар. Бу курдук тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэрэ кыттыһан үлэлииллэрэ олус хайҕаллаах.
Быйылгыттан граннарга киирсэргэ күүстээх үлэни ыытар былааннаахтар. Тыа хаһаайыстыбатын, оройуон өттүттэн үлэлиир кыахтаах уонна баҕалаах кээпэрэтииптэргэ көмөлөһө сатыахтара.
Маны таһынан Леонид Ушканов икки кэтэх бааһынай хаһаайыстыбалаах Владимир Федоровтыын уонна Аркадий Федотовтыын көрсүстэ. Инники былааннарын, тирээн турар кыһалҕаларын тула кэпсэттилэр, суруйда Лена Петрова, @gazetanyurba
This post was published on 06.02.2024 10:01 10:01