Хорула нэһилиэгэр ааспыт ыйга нэһилиэккэ улахан суолталаах үс саҥа тутуу – элбэх өҥөнү оҥорор киин улахан таас тутуута, амбулатория дьиэтэ уонна эдэр исписэлиистэр олороллоругар түөрт квартиралаах дьиэ – үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыбыттара. Оттон бу ый саҥатыгар хорулалар биир дойдулаахтарын, Россия киномотографиятын бочуоттаах үлэһитэ, РСФСР уонна Саха АССР кинематографиятын үтүөлээх үлэһитэ, туйгуна, тыыл-үлэ ветерана, Бочуот знага орден кавалера Иван Спиридонович Жараев аатын олохтоох библиотекаҕа иӊэрии уонна Е.К.Федоров аатынан Хорула орто оскуолатын 90 сылыгар аналлаах «Чугдаарар чуорааннаах төрөөбүт оскуолам» кинигэ сүрэхтэниитэ нэһилиэнньэ киэҥ сэҥээриитин ылла.
Библиотекаҕа шариктарынан киэргэтиллибит киирэр аан ойоҕос истиэнэтигэр маӊан таӊаһынан бүрүллэн турар иӊэриллэр аат бэлиэтин нэһилиэк баһылыга Василий Семенов уонна библиотека сэбиэдиссэйэ Лариса Андросова арыйдылар. Үөрүүлээх муусука доҕуһуолунан олохтоохтор уонна ыраахтан-чугастан кэлбит ыҥырыылаах ыалдьыттар ытыстарын таһыннылар.
«Биһиги нэһилиэкпит олохтоох модельнай библиотекатыгар ытык киһибит, биир дойдулаахпыт И.С.Жараев аата бигэтик үйэлэргэ иӊэриллиитэ – бу биһиги кыра нэһилиэкпититтэн үүнэн-сайдан, Сахабыт сирин киноматографиятын сайдыытын түстээбит, өр сылларга ситиһиилээхтик салайбыт киһибитигэр сүдү махталбыт, нэһилиэкпит киэн туттар тумус киһитин үйэтитии буолар», — диэн бэлиэтээтэ сэбиэдиссэй Лариса Андросова.
Иван Спиридонович олоҕун кэрчиктэрин оскуола оҕолорун «Уйулҕан» бөлөҕө бэрт истиҥник билиһиннэрдэ.
И.С.Жараев уола Валерий Жараев бэйэтэ үлэлиир «Алмаз Профи» эбии үөрэхтээһин тэрилтэтиттэн биэс киһи бу нэһилиэктэн баран идэлэрин үрдэттэллэригэр эбэтэр иккис идэҕэ эбии үөрэниигэ И.С.Жараев дьиэ кэргэнин гранын суотугар сертификаттары, аҕатын аатын библиотекаҕа иҥэрэри кэрэһилиир бэлиэни, оттон И.С.Жараев аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин национальнай киинин коллектива И.С.Жараев туһунан диискэлэри, улахан мэтириэтин уонна элбэх үлэни толорор улахан принтери бэлэх ыыппыттарын олохтоохтор үөрэ көрдүлэр-иһиттилэр. И.С.Жараев аатын үйэтитэн, библиотекаҕа иҥэрбиттэригэр аймахтарын аатыттан Евдокия Максимовна Иванова, Изамира Ильинична Петрова, Евгений Егорович Федоров тыл этэн махтаннылар.
Бу күн иккис үөрүүлээх тэрээһинин аһыллыытыгар оскуола дириэктэрэ, СӨ үөрэҕэриитин туйгуна, үрдүк категориялаах учуутал Павел Николаевич Васильев Хорула орто оскуолатын 90 сылыгар ананан тахсыбыт «Чугдаарар чуорааннаах төрөөбүт оскуолам» (автор Чочанов Н.Т.) кинигэ сүрэхтэниитин туһунан: “2020 сылга биһиги оскуолабыт 90 сааһын үөрүүлээх бэлиэтээһинэ былааннаммыта, ону хамсык ыарыы мэһэйдээн, былааннаммыт үлэлэлэр элбэхтэ уларыйдылар, көстүлэр. Ол да буоллар оскуолабыт историятын кэпсиир, үйэтитэр бу дьоһуннаах кинигэ күн сирин көрдө! 90 сыл устата биһиги оскуолабытыгар төһөлөөх элбэх учуутал үлэлээн ааспыта буолуой?… Хас биирдии учуутал оҕо иитиитигэр ураты суолу-ииһи хаалларбыта. Олортон биһиги ахтан-санаан ааһыахпытын баҕарабыт: Акулина Николаевна Иванованы, Николаев Николай Ивановиһы, Чочанова Варвара Титовнаны, Чочанова Мария Титовнаны, Кириллина Мария Гаврильевнаны, Николаева Джемма Кирилловнаны, Николаева Надежда Петровнаны, Николай Титович Чочановы, Парфенова Полина Семеновнаны, Алексеев Николай Михайловиһы, Михайлова Екатерина Федоровнаны, Павлова Людмила Михайловнаны, Николаева Капиталина Степановнаны, Татьяна Семеновна Николаевнаны, Виктория Васильевна Хартасованы, Климентий Николаевич Хартасовы, Федорова Елена Николаевнаны уонна да атыттары», — диэн бэлиэтээн туран махтал суруктары, бу үөрүүлээх күнү кэрэһилиир бэлиэни уонна наҕараадалары педагогическай үлэ бэтэрээннэригэр, бастыҥ үлэлээх учууталларга үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттартаата.
Өр сылларга Хорулаҕа оскуоланы, нэһилиэги салайбыт, учуутал, СӨ үөрэҕэриитин туйгуна, Хорула нэhилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаhаайына Николай Титович Чочанов видеоҕа устан ыыппыт тыл этиитигэр бу кинигэни оройуон уонна өрөспүүбүлүкэ национальнай архыыптарыгар харалла сытар документальнай матырыйаалларга олоҕуран суруйбутун, онон үксэ оскуолаҕа үлэлээн ааспыт дириэктэрдэр, учууталлар тустарынан историческай чахчылары киллэрбитин туһунан иһитиннэриитэ улахан экрантан көрдөрүлүннэ. Онон ааптар кыайан кэлбэтэҕин да иһин, тэрээһиҥҥэ баар курдук көһүннэ.
Кытаанах тастаах, 6 түһүмэхтэн турар «Чугдаарар чуораннаах төрөөбүт оскуолам» кинигэ 200 экземплярынан Новосибирскай куоракка бэчээттэммит. Нэһилиэк баһылыга Василий Семенов, дириэктэр Павел Васильев, педагогическай үлэ ветерана Варвара Чочанова, РФ журналистарын союһун чилиэнэ, СР тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Хорула нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ-тыыл ветерана Иван Николаев, РФ үтүөлээх учуутала, “Учууталлара учууталлара» Евгений Алексеев уонна да атыттар Хорула оскуолата 1930 сылтан билиӊӊи кэмӊэ диэри үлэлээбит, үлэлии сылдьар учууталлар, салайааччылар, тех. үлэһиттэр, мантан үүнэн-сайдан тахсыбыт өрөспүүбүлүкэ олоҕор биллэр суолу-ииһи хаалларбыт үөрэнээччилэр тустарынан сөпкө сырдатыллыбытын, холкуоһунай интернат, эбии үөрэхтээһин, сайыҥҥы үлэ лааҕырын уонна оскуола бүгүҥҥүтүн тустарынан кэпсиир кинигэ үксэ архыып докумуоннарыгар тирэҕирэр буолан, нэһилиэк үөрэхтээһинин устуоруйатыгар улахан суолталааҕын чорботон бэлиэтээтилэр.
Бу күн нэһилиэк айар куттаах дьонуттан биирдэстэрэ Илья Иванов-Хоһуун “Ис кутум илдьитэ – хоһоонум» диэн хоһооннорун бастакы хомуурунньуга бэчээттэнэн тахсыбытын бар дьонун ортотугар туттарылынна. Дьоро күнү оскуола учууталларын үөрэнээччилэрин нүөмэрдэрэ, «Ырыа куттаах оҕолор» ансамбллара, «Уйулҕан” бөлөх, «Чуораанчык» трио музыкальнай эҕэрдэлэрэ киэргэттилэр. Билиини, сырдыгы тарҕатар кыһа өссө да үтүмэн сылларга үүнэ-сайда, чэчирии туруо, сайдыылаах, кэскиллээх үөрэнээччилэр, далааһыннаах олох хардыытын кытта тэӊӊэ хаамсар учууталлар үксээн иһиэхтэрэ, оттон Хорула нэһилиэгэ эмиэ саҥаттан саҥа сонуннардаах, айа-тута, үктэммэтэх үрдэллэрин дабайталыа!
This post was published on 06.04.2021 16:29 16:29