«За отвагу» мэтээли Булуҥ оройуонун «Тарыып ааҕыныстыбатын» исписэлииһигэр туттардылар. Кини былырыын анал байыаннай дьаһалга ыҥырыллыбыта.
Сыана кэмитиэтин пресс-сулууспатыгар эппиттэринэн, мэтээли ДНР баһылыгын э.т. Денис Пушилин туттарда. Саха сирин байыаһа хорсуннук уонна эр санаалаах сулууспалыыр. «Тарифное агентство» уонна «Госкомцен» тэрилтэлэр кэлэктииптэрэ бииргэ үлэлиир киһилэригэр дьиэтигэр кыайыы көтөллөөх түргэнник кэлэригэр баҕа санааларын тириэрдэллэр.