Алтынньы ый бүтэрэ чугаһаата. Ити эрээри Муома улууһун Хонуутугар билигин даҕаны сылаас күннэр тураллар. Хаар суох, уулуссаларга массыына кэнниттэн быыл оргуйар.
«Оннук, Хонууга күһүҥҥү халлаан! Сорох нэһилиэктэргэ сугуннуу сылдьаллар, сайыҥҥы петуньялар үүнэллэр. Оттон биһиги хаар, сымнаҕас маҥан хаар түһэрин күүтэбит. Сотору хаарбыт кэлэр ини. Оҕолор сибиэһэй салгыҥҥа күөлэһийэ оонньуохтарын, хаар киһи оҥоруохтарын баҕалара баһаам. Ити эрээри уулуссанан ааһар массыына быылын-буорун бүрүнэллэр», — диэн СИА-ҕа «Индигир уоттара» хаһыат суруналыыһа Валентина Старостина суруйда.
This post was published on 29.10.2022 15:12 15:12