Хонууга баһаары утары резервуардары туруордулар

Муома улууһун киинигэр 150 кубометр иэннээх баһаары утары резервуардары туруордулар, СИА  «Индигир уоттара» хаһыакка сигэнэн суруйда.

Баһаары умуоруорууга анаан уу хаһааныллар эбийиэктэрэ Хонууга баар буолла. Бырайыагы Муома улууһун олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын тэрилтэтэ оҥордо.

Маннык резервуар сотору кэминэн Суот-Тииккэ туруоруллуоҕа, бу Хонтууттан 3 км тэйиччи сытар нэһилиэнньэлээх пуун.

This post was published on 22.09.2022 16:01 16:01