ОДьКХ государственнай унитарнай тэрилтэ инвестиционнай бырагырааматын иһинэн, Муома улууһун Хонуу олохтоохторун киин ититэр систиэмэҕэ холбуурга, 69 мөл солкуобай кэриҥэ харчы көрүллүбүт. Бырагыраама 2021 сылга диэри болдьохтоох. Бу туһунан СИА иһитиннэрэр.
Быйыл 7 мөл 605 тыһ солк тыырыллыбыт. 61 мөл 311 тыһ солкуобай эһиил көрүллүө.
Билигин «Береговой» уулуссаҕа сэттэ, «Озернайга» 28 чааһынай дьиэни ититиигэ холбоотулар. Маны таһынан Сааһыыр нэһилиэгэр 12 дьиэни холбоотулар.
Улууска барыта 47 дьиэ киин ититэр ситимҥэ холбонон турар. Быйыл 45 дьиэ холбоноро былааннанар.
Көрүллүбүт үпкэ Хонуу «Озернай» уонна «Береговой» уулуссаларыгар «Новая Квартальная» хочуолунайтан ититэр пуун уонна ититии ситимнэр таҥыллаллара былааннанар.
This post was published on 12.08.2020 11:04 11:04