Хонтуруоллуур уорганнар предпринимателлэри бэрэбиэркэлииллэрэ аһара элбээбит

Саха сиригэр орто уонна дьоҕус бизнеһи бэрэбиэркэлээһин элбээбитин туһунан уопсастыбаннай эксперт сэбиэтин мунньаҕар эттилэр.


«Бэрэбиэркэ аһара элбэтэ. Субу биир бүтээтин кытта иккис бэрэбиэркэ кэлэр. Кэнникинэн куттанар да буолан бардыбыт», — дииллэр дьоҕус уонна орто бизнес бэрэстэбиитэллэрэ.

Предпринимателлэр бырааптарын көмүскүүр боломуочуйалаах Айталина Соколова этэринэн, өрөспүүбүлүкэҕэ былааны таһынан бэрэбиэркэ хас эмэ бүк элбээбит. Сорох ардыгар инспектордар процессуальнай алҕастары таһаараллар.

«Хонтуруоллуур уорганнар ыстараап оннугар быһаарар-сүбэлиир үлэҕэ ураты болҕомтону ууруохтаахтар», — диир омбудсмен.

Кини этэринэн, билигин эрдэттэн сэрэтии диэн букатын оҥоһуллубат. Ону таһынан ыстараап предприниматель үлэтиттэн көрөн олохтонуохтаах.

Хонтуруоллуур-бэрэбиэркэлиир уорганнар бобуулара-хаайыылара бизнеһы төрдүттэн суох оҥорор. Ити чуолаан 90 сууккаҕа үлэни тохтотууга сыһыаннаах. Бу кэм иһигэр предприниматель сакааһы да толорбот, хамнаһы да төлөөбөт, ону таһынан дьону үлэттэн тохтотор да бырааба суох.

Саха сирин борокуратуурата уонна предпринимателлэр бырааптарын көмүскүүр боломуочуйалаах хардарыта дьайсан үлэлииллэр. Хонтуруоллуур уорганнар 2014 сылга дуоһунастаах 53 киһини административнай эппиэккэ тардыбыттар. Ити көрдөрүү 2015 сылга — 81.

This post was published on 21.09.2016 11:52 11:52