23 Сэтинньи 23.11
  • -25°
  • $ 102,58
  • 107,43

Хоноҕорго поэзия түһүлгэтэ тэрилиннэ

17:23, 05 мая 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Профессиональнай техникумҥа «Сааскы иэйиилэр» поэзия түһүлгэтэ ыытылынна.


Сааскы түһүлгэҕэ профессиональнай техникум устудьуоннара, үлэһиттэрэ О.И.Баишева, Л.Чирикова, техникум библиотекара А.И.Платонова уо.д.а. кытыннылар. Ону сэргэ Хоноҕор сэлиэнньэтин айар куттаахтара Л.В.Пермякова, хоһоонньут, ырыаһыт М.Д.Федорова, Хоноҕор библиотекара И.А. Осипова бэйэлэрин поэзияҕа көрүүлэрин үллэһиннилэр, хоһооннорун аахтылар. Мария Федорова бэйэтин тылларыгар ыллаан, уран тыллаах хоһооннорун өйүттэн ааҕан дьонун-сэргэтин сөхтөрөр. Кини билигин 80 сааһын ааһан да баран, поэзиянан олоҕун киэргэтэрин туһунан этэр. Онтон Алексей Старков улуу тойуксут Сергей Зверев-Кыыл Уолун тойуктарын сөбүлээн, бар дьонугар тарҕата сылдьар.

– Күммүт уһаан, таһырдьа сылыйан, мэник сиккиэр тыал баттахпын үрэйэ ыһан, сааскы иэйиигэ ыҥырда. Поэзия нарын бөрүөтэ, мин уйан куппун таарыйан, дьоммор-сэргэбэр кэрэ туругу тириэрдээри, муус устар ыйы атаара,   ыам ыйбын көрсө поэзия түһүлгэтин тэрийдим. Маннык көрсүһүүлэр айар дьоҕурдаах дьоҥҥо хайаан да тэриллэллэрэ ордук. Бэйэ иһигэр эрэ бүгэн хаалбакка, сааскы сиккиэр курдук иэйиилээх айымньылар дьон-сэргэ санаатын көтөхтүннэр, анаарарга ыҥырдыннар, кэрэни кэрэхсииргэ угуйдуннар, – диэн поэзия түһүлгэтин тэрийбит СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, «Айар аартык» түмсүү салайааччыта Акулина Иванова-Айгыына санаатын үллэһиннэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар