Этимология — тыл үөрэҕин биир саамай уустук салаата. Ол да иһин буоллаҕа, тыл төрүт суолтатын эридьиэстиир, ырытар, быһаарар үлэ саха тылыгар бэрт кэмчи. Манна ойуччу тутан, Г.В. Попов “Саха тылын этимологическай тылдьытын” (2003) ааттыахха сөп[1].
Киргиэлэй уола Хабырыыл Торотуойап, тыл үөрэҕин хандьыдаата, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт Арассыыйа хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын үнүстүүтүн дириэктэрэ
Тыл төрүт көрүҥүн уонна бастааҥҥы суолтатын тута сылдьар өлүүскэни тыл төрдүн-төбөтүн чинчийэр үлэҕэ этимон диэн тиэрмининэн бэлиэтииллэр. Этимон (нууччалыы тылбааһа: истина) диэн тиэрмин былыргы эллиннэр тылларыттан силис тардар, сахалыы тылбааһа дьиҥ диэн буолар.
Учуонайдар тыл дьиҥ төрдүн (этимону) булар, быһаарар, чопчулуур туһуттан устуоруйаҕа олоҕурар тэҥнээн көрөр ньыманы (сравнительно-исторический метод) тутталлар. Үөрэхтээхтэр тыл сыыйа-баайа уустугуран иһэр диэн бигэргэтэллэр. Итини саха тылыгар сыһыаран өйдүүр эбит буоллахха, үйэттэн үйэҕэ тылы үөскэтэр да, уларытар да сыһыарыылар дьапталҕалара халыҥаан иһэр. Олох түҥ былыргы үйэтээҕи түүрдүү тыллар аҕыйах сүһүөхтээх буолаллара, оттон тыл олоҕо биир-икки сүһүөхтэн турара.
Былыргыта биир төрүттээх тыллар үгүс үйэлэр мөҥүөннэрин уҥуордуулларыгар көрүҥ уларыйаллар, суолталарын кубулуталлар. Инньэ гынан тыллар куормалара уонна суолталара бэйэ-бэйэлэриттэн тэйэллэр, көннөрү киһи билбэт гына уларыйаллар-тэлэрийэллэр. Анал идэлээх тыл үөрэхтээҕэ (этимолог) эрэ арыттара аппыт тыллары кыраҕытык кэтээн көрөн, туох ситимнээхтэрин быһаарар кыахтаах.
Сыныйан көрдөххө, иһит-хомуос диэн ханыыласпыт тыл ис уонна хом диэн атылыы төрүт өйдөбүллэргэ тирэҕирэн үөскээбит эбит. Ону “Саха тылын быһаарыылаах тылдьытын” холобурунан да бигэргэтиэххэ сөп.
ИС IV 1. аат.
- Туох эмэ таһыттан көстүбэт өттө… // Туох эмэ көҥдөйө[2].
ХОМ II аат. Туох эмэ (хол., иһит) ойоҕосторун үрдүгэ, төһө үрдүк бүүрүктээҕэ. ʘ Высота боковых стен (напр. о посуде). Бу хобордоох хомо кырата бэрт, онон дуоннаах ас киирбэт. СТБКТ. Арыый хомноох иһиттэ булан арыыта ууллар. СТБКТ.[3]
Онон, иһит-хомуос диэн ханыыласпыт тыл үөскээһинигэр ити тылдьыкка ыйыллыбыт хаачыстыбалар сүрүннүүр оруоллаахтар. Оттон өбүгэбит иһит эрэ диэнинэн салайтарбыта эбитэ буоллар, хайа баҕарар тылы кытта ситимниэн сөп этэ, холобур: иһит-кытах, иһит-чороон, иһит-күөс, о.д.а.
Хом диэнтэн хомо диэн сир-уот быһыытын бэлиэтиир тыл үөскээбитэ туох да саарбаҕа суох. Хомо көрүҥүнэн да саха киһитин хараҕар хомноох иһити санатар.
ХОМО аат. Өрүс, муора кытылга бүөрдүү үтэн тахсыбыт, чычаас түөлбэ уута эбэтэр өрүс күһүөрү уу түстэҕинэ бысталанан хаалар тас үөһэ, төбүлэҕэ. ʘ Часть водного пространства, вдавшаяся в сушу, залив [4].
Нууччалыы ковш диэн тыл түүр тылыттан төрүттээх, ол эбэтэр тюркизм буолар. Түүр тылын үөрэхтээҕэ Н.К. Антонов бигэргэтэринэн, сахалыы хомуос (хамыас) диэммит былыргы түүр тылыгар хамыч, хакаас тылыгар хамыс, атын түүр тылларыгар хамыш, хамыс диэн эбит.[5] Онон хомуос диэн нуучча тылыттан киирии тыл буолбатах, бэйэлээх бэйэбит тылбыт сылдьар. Сорох ардыгар түүр эрдэҕинээҕи тылбытын умнан баран, ону нуучча тылыттан төттөрү ылар үгэстээхпит, холобур: харандаас, бухатыыр, чарапаахы, дьаһаах, дьаралык, сарай, ампаар, о.д.а.
ХОМУОС аат. 1. Уһун уктаах төгүрүктүҥү быһыылаах убаҕаһы баһар иһит. ʘ Ковш, черпак.[6]
Хамыйах диэн тыл төрдө эмиэ хом диэнтэн тахсар. Бастаан утаа оокойдуур (хомуйах) уонна аакайдыыр (хамыйах) барыйааннар иккиэн туттулла сылдьан баран, кэлин хамыйах диэнэ баһыйбыт буолуон сөп. Хамыйах хомо, ол эбэтэр иһэ, хомуостааҕар чычаас, ол да иһин хамыйах диэҥҥэ –йах кыччатар сыһыарыы сыстыбыт.
ХАМЫЙАХ аат. 1. Үксүгэр хатыҥтан оҥоһуллубут аһы баһар тэрил. ʘ Деревянный черпак, половник, деревянная поварешка (обычно из березы)…
Сиидэ хамыйах кэпс. – арыттаах кыра хайаҕастардаах уһун уктаах хомуос.[7] Бу түбэлтэҕэ тылдьыт ааптардара хамыйаҕы уонна хомуоһу сунуоньум курдук тутуннулар. Дьиҥэр, хамыйах хомунан, ол эбэтэр төһөнү баһарынан, хомуостааҕар кыра буолара өйдөнөр. Ону бигэргэтэн, тылдьыкка хамыйаҕы ‘большая деревянная ложка’[8], ‘большая ложка’[9] диэн сөпкө тылбаастаабыттар.
“Саха тылын быһаарыылаах тылдьытын” матырыйаалыгар, итиэннэ тус кэтээн көрүүбүтүгэр олоҕуран ырыппыппыт түмүгэр ХОМО, ХОМУОС, ХАМЫЙАХ диэн тыллар ХОМ (аакайдыыр барыйаана ХАМ) диэн этимонтан силис тардаллара бигэргэннэ. Тыл төрдүн-төбөтүн түөрэн көрөр чинчийиилэр саха тылын эрдэтээҥҥи көстүүлэрин сылыктыырга, атын түүр-моҕол тылларын кытта туох ситимнээхтэрин чинчилииргэ төһүү-тирэх буолаллар.
Туттуллубут литература:
[1] Попов Г.В. Этимологический словарь якутского языка = Саха тылын этимологическай тылдьыта. / Г. В. Попов; Отв. ред. П. А. Слепцов. — Новосибирск : Наука. — 2003. – 180 с. (Ч.1: А-Дь).
[2] Толковый словарь якутского языка = Саха тылын быһаарыылаах тылдьыта / Под ред. П.А. Слепцова. – Новосибирск: Наука. – 2006. – С. 735. (Буквы Г, Д, Дь, И).
[3] Большой толковый словарь якутского языка = Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта: в 15 т. Т. XIII: (Х) / Под ред. П.А. Слепцова. – Новосибирск: Наука. – 2016. — С. 555.
[4] Эмиэ онно. — С. 556.
[5] Антонов Н.К. Исследования по исторической лексике якутского языка (фонетические особенности именных основ) : монография / Н.К. Антонов. – Якутск: Издательский дом СВФУ, 2019. – С.191.
[6] Большой толковый словарь якутского языка = Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта: в 15 т. Т. XIII: (Х) / Под ред. П.А. Слепцова. – Новосибирск: Наука. – 2016. — С. 565.
[7] Эмиэ онно. — С. 281.
[8] Эмиэ онно. — С. 282.
[9] Большой толковый словарь якутского языка = Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта: в 15 т. Т. XI: (Буква Т: төтөллөөх-тиэтэллээх) / Под ред. П.А. Слепцова. – Новосибирск: Наука. – 2014. – С.272.
This post was published on 11.12.2020 11:01 11:01