Хомунаалынай өҥөлөр төлөбүрдэригэр иэскин пенята суох төлүүргэ тиэтэй

Энергосбыт тэрилтэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн “Иэскин пенята суох төлөө!” диэн аахсыйа биллэрдэ.


Сэтинньи 20 күнүттэн саҕалаан ахсынньы 31 күнүгэр диэри хомунаалынай өҥөлөр төлөбүрдэригэр иэстээх дьон пенята суох төлүөхтэрин сөп. Аахсыйа өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар. Онон Энергосбыт хаассаларыгар тиэтэйиҥ.

Ыйытыылаах буоллаххытына, Энергосбыт учаастактарыгар, отделениеларыгар баран билсиҥ биитэр 8-800-100-22-05, 8 (4112) 498-498 нүөмэрдэргэ эрийиҥ.

edersaas.ru

This post was published on 20.11.2019 17:02 17:02