21 Ахсынньы 21.12
  • -39°
  • $ 102,34
  • 106,54

Хомпорууна мындаа өйдөбүллэрэ

10:21, 13 сентября 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Марина Платонова—Хомпорууна чараас эйгэ, киһи, олох, дьылҕа курдук муҥурдарын булларбатах мындаа өйдөбүллэр тула үөскээбит санааларын, кэтээн көрүүлэрин саха дьонун кытары хомоҕойдук үллэстэр.


 – Марина Спиридоновна, эн киэҥ сиринэн тэлэһийэр, араас эйгэҕэ бэйэҕин булар, биир сиргэ таба олорбот киһигин. Нус-хас олох эйигин астыннарбат дуо?

– Ити боппуруоска эппиэти хаһан да толкуйдаан көрбөтөҕүм. Ол гынан баран, туох барыта түргэнник сайда, уларыйа турар дьикти кэмигэр олоробут. Ол курдук, мин орто туруу бараан дойду олохтооҕо буоларым быһыытынан, бэйэм кыахпынан сайдыахтаахпын, үүнүөхтээхпин, уларыйыахтаахпын, биир сиргэ тэпсэҥнии туруо суохтаахпын. Киһи кыаҕа муҥура суох, киһи сатаабата суох. Ардыгар, «Эбэтэр бэйэбин була иликпин дуу?» дии санаан аһарабын.

– Итэҕэли туохха көрөҕүн?

– Олус уустук боппуруос. «Эрэл» уонна «итэҕэл» диэн өйдөбүллэри киһи атын-атыннык өйдүөхтээх. Итэҕэл дьону салайарга, сүрүннүүргэ, онтон эрэл киһи бэйэтин итэҕэйэригэр наадалаах. Бэйэҕэр эрэнэр буоллаххына, тугуҥ барыта сатанар. Холобур, «Кистэлэҥ күүс» диэн сурунаалы таһаарарбытыгар сорох көрбүөччүлэр тахсар кыаҕа суоҕун «билгэлээбиттэрэ». Оттон мин туохха барытыгар санаабын уурдум да толоробун. «Этилиннэ – оҥоробун» диэн санаанан салайтарабын. Киһи баҕарыан эрэ наада.

– Киһи баҕарбытын да иһин, кыайбата эмиэ баар ээ. Холобур, киһи баҕа санаатын үптэн-харчыттан харгыстанан олоххо киллэрбэккэ хаалара эмиэ элбэх.

– Мин «Алгыс» уопсастыбаннай тэрилтэбин уонна доҕотторбун кытары араас дойдуну кэрийэбин. Онно аҕыс киһиттэн биир эрэ киһибит   бюджет тэрилтэтигэр үлэлиир. Кини: «Миигин үлэбиттэн ким көҥүллүөй, хантан харчы ылыахпыный»? – диэн ыксалга киирэн ылар. Ол гынан баран, бастакынан кини барар. Ол аата «наада» диэтиҥ да, туохха барытыгар суолуҥ аһыллан иһэр. Мин уонча сыл санитаркалаабытым. Билиҥҥи олоҕум туһунан түһээн да баттаппат этим. Ол эрэн, үүт-хайаҕас көһүннэ, суол арылынна да, инниҥ диэки баран иһиэххэ наада. Ыраата барбакка эттэххэ, үлэ көрдөнөр дьон саҥа үлэ хамнаһын ыйытан баран, мыынан олорунан кэбиһэр. Дьиҥэр, бу олоххо суолгун бэйэҥ өйгүнэн айаҕын.

– Оччоҕо «харчы сыстар киһитигэр эрэ сыстар» диэн этиини кытта сөбүлэспэт буоллаҕыҥ?

– Ону эмиэ эн хайдах өйдүүргүнэн. «Босхо кэлбит сүтэр, иҥпэт» диэн бэйэҕин бырагыраамалаан кэбистэххинэ, оннук буолар. Оттон ол кэлбит харчыны мин үөрэ-көтө туһаннахпына, элбээн, улаатан иһэр. Бомж даҕаны сарсын баай киһи буолуон сөп дии саныыбын.

– «Дууһа ыраастаныыта» диэн тугуй?

– Күн бүгүҥҥэ диэри наһаа элбэх семинардарга, дьарыктарга сылдьабын. Ол эрээри, «ыраастаныы» дииллэрин олох ылыммат этим. Киһи тоҕо кирдээх буолуохтааҕый? «Ырааспын» диир киһи ыраас буолар. Киһи киртийбэт дии саныыбын. Киһи «мин сыыһа гынным, киртийдим быһыылаах, ыраастаныахха наада» диэн бэйэтин күрүөлээн кэбиһэр. Судургутук толкуйдаатахха, сыыһа да, сөп да диэн суох ээ. Киһи бэйэтин ис санаатыгар тугу гыммыта – кини кырдыга. Мин хаһан да, кимиэхэ да ыраастанан көрбөтөҕүм. Дьиҥэр, мин да кыыһырабын, тымтабын. Ол гынан баран, бэйэбин бэйэм эрэ сааһыланабын.

– Автобуска, атын да уопсастыбаннай миэстэҕэ дьону кытта этиһэн, кыыһырсан баран, наһаа ыараханнык ылынар дьон баар. Эн хайыаҥ этэй?

– Уруккум эбитэ буоллар эппиэтин биэрэн төннүөм этэ. «Тоҕо миигин ким эрэ тыытыахтааҕый?» – диир буоллаҕым.   Онтон Библияҕа «биир иэдэскин тоһуйан биэр» диэн суруллар. Кыыһырар, тымтар киһиэхэ төһөнөн эппиэттэһэҕин да, уоту күөдьүтэн биэрэҕин. Онтон мин кыһаллыбатахпын, улахаҥҥа уурбатахпын көрдөҕүнэ, кини уоскуйар, сымныыр. Сүр баттатар диэн буолбатах.

– Хаһан эрэ эр дьону кытары ордук тапсарыҥ туһунан этэн тураҕын.

– Баҕар, биир кыыстаах, түөрт уоллаах буолан эбитэ дуу. Оҕо да сылдьан уолаттары кытары сөбүлээн бодоруһар этим. Эр дьон судургулар, кэтэх санаалара суох. Тугу эппиттэрин толороллор, тылларыгар тураллар.

– Кэргэниҥ күнүүлээбэт дуо?

«Күнүүлүүр, ол аата таптыыр» дииллэрин ылыммаппын. Ол аата итэҕэйбэт уонна ханнык таптал кэлиэй? Кэргэним Андрей Револьевич туохха барытыгар үтүө санаанан сыһыаннаһарын сыаналыыбын. Ханнык да дьыалаҕа ылсыбытым иһин, өйүүр, өйдүүр. Биһиги бэйэ бэйэбитигэр көҥүл биэрэбит, итэҕэйсэбит. Биллэн турар, туох былааннаахпытын үллэстэбит. Үлэбитин кэпсэппэт буола сатыыбыт. Андрейбыныын ыал буолуохпуттан, нууччалар этэллэринии, таас истиэнэ кэннигэр олорор курдук сананабын.

– Бу олоххо сөбүлээбэтиҥ тугуй?

– Сымыйалыылларын сөбүлээбэппин. Киһи бэйэтин хаһан да албыннаныа суохтаах. Хас биирдии киһи ону өйдүүрэ буоллар, хас биирдии киһи истиҥ мичээрдээх, сырдыгынан сыдьаайа сылдьара буоллар, кинилэр ауралара тугу барытын үчүгэй өттүгэр уларытыа этэ дии саныыбын.

Эйигин иһиттэххэ, хайдах эрэ барыта чэпчэки, саныаҥ эрэ кэрэх, туолуохтаах курдук. Ол гынан баран, хас биирдии киһиэхэ дууһа кыланар кэмэ баар буолуон сөп.

– Миэхэ эмиэ баар. Киһи баар балаһыанньаны, бэйэтин туругун сыыһа өйдүүрүттэн, бэйэтин олоххо ирдэбилэ туолбатыттан санаарҕыыр. Туораттан үчүгэй олохтоох курдук көрбүт киһибит, син биир сирдээҕи киһи буоларын быһыытынан, араас кыһалҕалаах. Бэйэҥ ис туруккун бэйэҥ сааһыламматаххына, сүргүн бэйэҥ көтөхпөтөххүнэ, ким да эйиэхэ көмөлөспөт. Буруйдааҕы таскар көрдүө суохха наада. Биир кыыс: «Киһи этэ-сиинэ сылайбат, өйө сылайар» диэбитин истэн турабын.   Санаан да көрдөххө, киһи этэ-сиинэ хайдах сылайыай? Кини ытыыр дуо, сылайдым диэн сытынан кэбиһэр дуо? Киһи бэйэтин бэйэтэ аһынарыттан өйө сылайар. Киһи суукканы быһа «тииҥ көлүөһэҕэ эргийэрин» курдук сылдьыан сөп.

– Дьиэ кэргэниҥ ис эйгэтин кистэлэҥнэриттэн үллэстиэҥ дуу?

– Бу иннинэ эппитим курдук, дьахталлар эр дьоннорбутугар, оҕолорбутугар барытын ыйа, кэрдэ, этэн биэрэ сылдьабыт. Арай биһигини, дьахталлары, оннук гыналлара буоллар, хайдах буолуохпут эбитэ буолла? Оҕолору иитэр наадата суоҕун кыра уолум үс саастааҕар өйдөөбүтүм. Ол иһин, кини кыратыттан улахан киһи курдук. Барытын бэйэтэ быһаарар. Биир да оҕобут идэ таларыгар бэйэбит баҕабытын соҥнооботохпут.   Үөрэх эрэ барытын быһаарар дииллэригэр сөбүлэспэппин.

– Бэлиитикэҕэ сыһыаныҥ?

– Билиҥҥи балаһыанньаҕа уопсастыбаннай тэрилтэлэр элбэхтик үлэлиэхтээхпит. Баҕардахха, тугу барытын туруорсуохха сөп. Сурунаалбытын аан бастаан таһаарарбытыгар бэлиитикэни олох таарыйыахпыт суоҕа дии санаабыппыт. Дьиҥэр, бэлиитикэ – биһиги олохпут.

Быыбарга муҥутаан элбээтэҕинэ, быыбардааччылар 40 эрэ бырыһыаннара куоластыы кэлэр. Тоҕо диэтэххэ, «биһиги куоласпыт син биир тугу да быһаарбат» диэн сыыһа саныыллар. Хас биирдии киһи быыбарга бэйэтин куолаһын биэрэрэ буоллар, депутат буоларга дьиҥ сөптөөх дьону талыа этибит. «Син биир туох да уларыйбат» дии сырыттахтарына, туох уларыйыай?

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова