Томпо улууһун Мэҥэ-Алдана аакка-суолга киирбит Алдан өрүс кытылын өҥөйөн турар, сүрдээх кэрэ айылҕалаах дойду. Манна биир тыһыынча кэриҥэ киһи олорор, аграрнай хайысхалаах орто оскуола, оҕо аймаҕы кэрэ эйгэтигэр уһуйар музыкальнай-художественнай оскуола, оҕо саада, култуура киинэ, улуустааҕы ОДьКХ салаата, сибээс тэрилтэтэ, хас да чааһынай маҕаһыын, бэкээринэ бааллар. Быһата, хас улуус аайы баар бөһүөлэктэртэн туох да уратыта суох сир.
Ити уратыта суох диэн алҕас этилиннэ. Сирийэн билистэ, үгүс нэһилиэктэртэн кэккэ уратылары манна булуохха сөп.
Бастатан туран, тутуу күүскэ ыытыллара харахха быраҕыллар. Ону туоһулуурдуу икки этээстээх оскуола дьиэтэ ыраахтан дьэндэйэн көстөр. Бу оскуола аграрнай хайысхалаах буолан, аттыгар кыһыҥҥы оранжерея баар. Таһырдьа төһө даҕаны кыс хаар үллэйэн сыттар, оранжерия иһэ сайыҥҥылыы итии, сибэкки арааһа силигилээн ырааппыт, эҥин эгэлгэ оҕуруот аһын араассадата кэмэ суох элбэх.
Неймохов музейа тэриллиэ
Былырыын кырачааннары иитэр оҕо саадын дьиэтэ эмиэ таас, пеноблоктарынан тутуллан, үлэҕэ иллэрээ сыл киллэриллибит. “Хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү” бырагыраама чэрчитинэн уон алталыы кыбартыыралаах икки уопсай дьиэ, “Арчы дьиэтэ” тутуллан үлэҕэ киллэриллибиттэр. “Арчы дьиэтигэр” Мэҥэ Алдантан төрүттээх, саха норуодунай суруйааччыта Егор Неймохов музейа тэриллиэхтээх. Онно анаан куораттан дьиэ кэргэнэ Егор Петрович муспут библиотекатын уонна архыыбын аҕалыахтаах.
Эдэрдэргэ – дьиэ
Быйыл “Үтүө дьыла” хамсааһын ынан эдэр исписэлиистэргэ анаан түөрт кыбартыыралаах дьиэ тутуллуохтаах. Ону таһынан “Хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү” бырагырааманан уон иккилии кыбартыыралаах икки дьиэ үлэҕэ киллэриллиэхтээх. Билигин ол дьиэлэр көҥдөйдөрө бүтэн, ис үлэлэрэ ситэриллэ сылдьар. Онон, сарсыарда эрдэттэн саҕалаан манна эрбии, сүгэ тыаһа оргуйара хайа даҕаны музыкаатаҕар кэрэтик иһиллэр.
Хоккеистар нэһилиэктэрэ
Киһи иккис сөҕө көрөрө бөһүөлэк ортотугар анал былаһааккаҕа оҥоһуллубут каток буолар. Атын нэһилиэктэргэ аатын эрэ истэр көрүҥмүт — хаҥкы спорда, хаҥкылааһын, хоккей оонньуута — манна 1970-с сыллартан саҕалаан сайдыбыт.
— Нэһилиэкпитигэр бастайааннай хоккей хамаандата баар, — диэн кэпсиир олохтоох дьаһалта баһылыга Юрий Комиссаров. — 2010 сылтан улуустааҕы күрэхтэһиини тэрийэбит. Онно сүрүннээн биһиги уонна Хаандыга хамаандалара күөн көрсөбүт. Быйыл Нерюнгрига ыытыллар Саха сирин норуоттарын кыһыҥҥы спартакиадатыгар улууспут чиэһин көмүскүүр чиэскэ тигистибит. Онон, онно бараары бэлэмнэнэ сылдьабыт.
Юрий Юрьевич төрүт олохтоох ыччат, дьаһалта баһылыгынан талыллан төрдүс сылын үлэлиир. Бэйэтэ физкультура учуутала буолан, маассабай спортка улахан болҕототун уурар итиэннэ ол нөҥүө чөл олох сиэрин тарҕатыыга күүскэ үлэлиир. Ол түмүгэр, нэһилиэк олохтоохторо үлэ уонна спорт тула түмсэннэр, үлэни-хамнаһы кыайа да тутар, чөл олоҕу да тутуһар эбиттэр.
This post was published on 19.07.2016 21:21 21:21