Ходуловтар үрүҥ илгэни толору сомсон ылаллар

Мэҥэ Хаҥалас Бэдьимэтин олохтоохторо Евдокия уонна Петр Ходуловтар 1992 сыллаахтан бааһынай хаһаайыстыба тэринэн, күн-бүгүҥҥэ диэри өрө тахсыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар.


Билигин сайын саҕаланан, 7 оҕолоох Ходуловтар дьиэлэрин тэлгэһэлэрэ ыраахтан-чугастан кэлбит сиэннэр саҥаларынан туолла. Ыччаттар сааһыран эрэр төрөппүттэригэр сүөһүнү көрүүгэ-истиигэ, хотон үлэтигэр, оттооһуҥҥа хото көмөлөһөллөр. Бааһынайга Евдокия Федотовна икки балтын, убайын уонна быраатын дьиэ кэргэттэрэ түмсэннэр үлэлииллэр. Хаһаайыстыбаҕа уопсайа 60-ча төбөлөөх ынах-сүөһү, ол иһигэр Ходуловтар бэйэлэригэр 19 сүөһүнү туталлар, ону сэргэ сылгылаахтар.

‒ Билиҥҥитэ 6 ньирэйдэннибит, аны биир ынахпыт төрүүрүн кэтэһэбит, ‒ диир хаһаайка Евдокия Федотовна. Кырачаан ньирэйдэри күннэтэ оҕолор солбуйса сылдьан аһаталлар, көрөллөр-истэллэр. ‒ Оҕолор сайылыы таҕыстахтарына, күннэтэ күөрчэҕинэн, кымыһынан, суоратынан аһаан абыраналлар. Эти даҕаны энчирэппэккэ сииллэр. Бастаан бааһынай хаһаайыстыбатын тэрийэрбитигэр сүөһүбүт балай эмэ элбэх этэ.

Кини оскуоланы бүтэрээт, 10-тан тахса сыл ыанньыксыттаабыт, онтон 26 сыл кулууспка техүлэһитинэн сылдьыбыт. Кэргэнэ Петр Николаевич 1978‒2010 сылларга «Вода» массыынаҕа суоппардаабыт.

Күннэтэ ыабыт үүттэрин хаһаайын матассыыкылынан үүт тутар пууҥҥа илдьэр. 2014 сыл атырдьах, балаҕан ыйынааҕы үүттэрин үбүн-харчытын «Манчаары» ТХПК аахса илигин эттилэр. Ол курдук, кинилэргэ 40 тыһыынча солкубай суумалаах иэс, ону сэргэ арыы төлөнүөхтээх эбит. Билигин кээпэрэтиип быһалыы төлүүр буолан, атаҕар туран, иэһи-күүһү төлүөхтэрэ диэн эрэл санаалаахтар.

Оттуулларыгар 5 кыра-кыра сирдэргэ ходуһалардаахтар. Сорох сирдэр алаас, сорохторо үрэх сирдэр буолан, тиэйэллэригэр кыһынын тыраахтардаах биригээдэни наймылаһаллар.

‒ Аймахтарынан үлэлиир, бэйэ-бэйэбитигэр өрүү көмөлөсүһэр, өйөһөр буоламмыт, хаһаайыстыбаҕа абыранабыт, ‒ диир Евдокия Федотовна.

Ходуловтар урукку өртүгэр 5 биэрэстэлээх сиргэ сайылыктаахтара эбит, электро-уоттаах буолан, сайынын онно тахсан олороллор эбит. Билигин электро-уотун ситимэ быһыллан уонна ыаммытынан үүтү хас сырыы аайы таһан иһэр ороскуоттааҕыттан сайылыктамматтар. Ол эрээри биир эмэ оҕобут, биитэр сиэммит инникитин сайылыкпытын сөхсүтэн, биһиги саҕалаабыт үлэбитин ситэрэн, салгыы бааһынай хаһаайыстыбабытын сайыннарыахтара диэн бүк эрэнэллэрин эттилэр.

This post was published on 14.06.2016 12:39 12:39