23 Сэтинньи 23.11
  • -22°
  • $ 102,58
  • 107,43

Хочуолунайдар сылааһынан хааччыйыахтара

18:13, 31 октября 2023
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэҕэ сэттэ хочуолунай үлэҕэ киирэр. Ол курдук Мэҥэ Хаҥалас, Таатта,  Чурапчы, Уус Алдан уонна Амма улуустарыгар аһыллыахтара.

Арассыйаҕа ааспыт сылтан бэрэсидьиэн Владимир Путин  дьаһалынан хомунаалынай инфраструктураны саҥардыы бырагыраамата үлэлиир. Бу саҥардан оҥорууга 440 млрд солкуобай көрүллэр.

“Саҥа хочуолунайдартан дьон-сэргэ олоҕун-дьаһаҕын усулуобуйата тупсуо. Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри сылааһынан хааччыйыы эрэллээхтик үлэлиэҕэ. Ону таһынан сири-уоту  биир кэлим сайыннарыыга, көмөлөһүөҕэ”, — Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтиир.

«Восток-1» диэн биир улахан хочуолунай Уус Алдан улууһун Бороҕонугар үлэҕэ киириэҕэ. Кыамтата 18 МВт, бу хочуолунай икки эргэ хочуолунайы солбуйар.
«Бу сылга биһиги саҥа чааһынай дьиэ туттан киирдибит. Өссө ОДьКХ ГУП дьиэбитин киин ититиигэ холбоон, саҥа «Восток-1» хочуолунайга холбоннубут, – диэн Бороҕон олохтооҕо Венера Охлопкова санаатын үллэһиннэ.

Алтынньы бүтүүтэ Мэҥэ Хаҥаласка Суола-Моорук нэһилиэгэр«Моорук-1» хочуолунай үлэтин түмүктээтэ. Саҥа хочуолунай үлэҕэ киирэр. Таатта Чычымаҕар механизированнай саҥа «Новая школа» хочолунай тутулла турар. Сэтинньи бүтүөр диэри үлэҕэ киириэхтээх. Маны сэргэ Таатта Боробулугар эмиэ саҥа хочуолунай тутуллар. Мэҥэ Хаҥалака Бөкөҕө, Чурапчыга Толооҥҥо хочуолунайдар тутуллан үлэҕэ кириэхтээхтэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, биэс сыл иһигэр Саха сиригэр 96 хочуолунай тутуллубут уонна реконструкцияламмыт. Мантан 14 хочуолунай былырыын киирбит.

Ульяна Захарова, Саха сирэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар