Хоһуун үлэһит Валентина Дьэлиҥдэҕэ олорор

Табалаах кыраайга олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылаан иннин диэки дьулуруйар, нарын бэйэлэригэр холооно суох күүстээх санаалаах, ыарахаттартан чаҕыйбат хоһуун дьахталлар, кыргыттар элбэхтэр. Дьэлиҥдэ нэһилиэгин сатабыллаах хотуна, амарах ийэ, эйэҕэс эбэ Валентина Алексеева дьоҕус бизнес эйгэтин муоһалыыр.


Идэтинэн финансист, кэнники национальнай култуура учууталын үөрэҕин бүтэрэн оскуолаҕа үлэлээбит. Урбаанньыт быһыытынан «Фотоуслуга» уонна «Кондитерские изделия» диэни тэринэн, хаартыскаҕа түһэрэр, минньигэс аһы оҥорон бырааһынньыктарга атыылыыр.

«2011 сыллаахха нэһилиэкпитигэр хаартысканан түһэрэр киһи суоҕа. Аны тэрилтэлэргэ докумуоннары таһаарыыга, куоппуйа оҥорорго кырааскалара бүтэн хааларыттан, ыксал-тиэтэл кэмигэр олохтоохтор маннык өҥөҕө олус наадыйаллара. Онон Дьокуускайга баран курска үөрэнэн, анал сертификаттардаахпын. Улуустааҕы фонда начальнига Аида Гоголева бастаан көмөлөспүтэ, өйөөбүтэ. Билигин эдэрдэргэ үчүгэй кэм кэллэ, бэйэ дьыалатын арынан үлэлиэхтэрин эрэ наада. Холобур, тыа сиригэр эр дьон муус да ылан, мас да кэрдэн, бултанан-алтанан, дьиэ да тутуутугар үлэлээтэхтэринэ, оттон кыргыттар баттах кырыйааччы, визажист, иистэнньэҥ буолан, дохуот киллэриниэхтэрин сөп. Кылаабынайа баҕа санаалаах, сүрэхтээх буолуохха наада», — диэн кэпсиир Валентина.

Валентина уран тарбахтаах эбэтиттэн Дарья Саввичнаттан утумнаан, быыс-арыт буллаҕына иистэнэр идэлээх. Ордук оҕуруонан бастыҥалары, кэрэ көстүүлээх билэлэри тигэр.

Хоһуун дьахтар үһүс сылын «Три восьмерки» диэн Ленскэйдээҕи тутуу маһынан эргинэр тэрилтэни кытта сибээстэһэн, нэһилиэнньэ сакааһын хото ылар. Онон кини көмөтүнэн Дьэлиҥдэҕэ саҥа дьиэлэр, гаражтар, баанньыктар дьэндэйдилэр.

This post was published on 04.03.2016 10:36 10:36