Еdersaas.ru сайт «Хивустаах» урбаанньыттар сыаналарын икки бүк үрдэтэн эрэллэрин суруйан турар. Дьокуускай-Аллараа Бэстээх хайысханан Өлүөнэ өрүһү «Хивус» диэн тиэхиньикэнэн бүгүн (муус устар 27 күнүгэр) туорааһын сыаната 1000 солкуобай этэ. Бугун 2000 солкуобай буола ыарыаҕа диэн бэйэлэрэ эттилэр.
«Ирбис» диэн мууһу, ууну үрдүнэн уйдарар тиэхиньикэлээх дьон билигин күннүү сылдьаллар. Илин эҥэр сэттэ улууһа Дьокуускайдыын сылдьыһыылара баччаларга кинилэринэн эрэ (!) буолааччы.
Тырааныспар миниистирэ Семен Винокуров бүгүн «28 чыыһылаҕа ыараталларын бохсуохпут, сарсын мунньах ыытаары олоробут» диэн кытаанахтык эттэ. Ол эрээри, мантын кытаанатык ирдээтэҕинэ эрэ толортороро буолуо. Еdersaas.ru анал кэрэспэдьиэнэ өрүскэ киирэн тиэйээччилэри кытта кэпсэттим. Маат-куут саҥаларын быыһынан иһиттэхпинэ, син биир үрдэтэр санаалаахтар, «сыананы бэйэбит быһабыт, баҕарбат дьон айаннаабатыннар» диэн саҥалар иһилиннилэр.
Тоҕо бачча ыараханый?
Бүгүн 1000 солк бэйэтэ, туох айылаах дьайан, оннук тосту уларыйан, сыана биир түүн иһигэр 2000-ҕа кубулуйуохтааҕый? «Сверхприбыль» наада быһыылаах. Оруобуна бээтинсэттэн саҕалаан? Хоруйа сэрэйиллэр — дьон кыһалҕатынан, дьиикэй ырыынак сокуонунан кыһарыйыы:
[vc_row][vc_column][vc_message message_box_style=»3d» message_box_color=»grey»]
1. Бээтинсэ дьон саамай айаннаан саҕалыыр кэмэ. Кыһалҕалаах киһи 2000 солк. кэрэйбэт.
2. Бүгүҥҥэ диэри массыыналар сарсыарда тоҥокко Күөх Хонуунан кистээн туоруу сырыттылар. Бу күннэринэн бүтэллэрэ буолуо — аһара ириэрдэ, олус кутталланна. Сатыылар эмиэ тохтуохтара.
[/vc_message][/vc_column][/vc_row]
Ол аата «Хивустаахтар» монополиялара саҕаланна, нэһилиэнньэ 100% кинилэр эрэ өҥөлөрүнэн туһанарга тиийиэ. Бары атын техникалар, сатыылар сылдьан тохтууллар.
«Хивустаахтар» санаалара
«Өрүс мууһа бэҕэһээ көнө этэ, бүгүн уу элбээтэ. Муус уһуктанна. Сыттыкпыт тэстиэн сөп. Ол иһин ыаратабыт. Эһиги бу туох ааттаах ытанныгыт? 2000 гыммыппыт ыраатта, үс сыл буолла дии! Ыарырҕаттаххытына айаннаамаҥ ээ!» — диэтилэр, кытылга биир биир сиргэ үмүөрүһэн уочараттарын күүтэ турар «Хивустаах» уолаттарга тиийбиппэр.
Түмүк
Дьон кыһалҕатын туһанан кыһарыйыы диэн бу баар. Муус устар 28-ттан өрүс ырааһыран паром түһүөр диэри (киһи паромунан 112 солкуобайга туоруур, теплоход 200, катер 300) кыахтанарыар диэри 2000 солкуобайы суйдуохтара. Сыананы быһар судаарыстыбаннай кэмитиэт баар эрээри, кини боломуочуйатыгар кэтэх урбаанньыттар дьону тиэйэр тарыыптарын быһыы киирбэт (уу, уот, ГСМ о.д.а. эрэ сыанатын быһаллар).
Тустаах уорганнар, боломуочуйалаах дьон маны син болҕойуохтарын наада. Бүүс-бүтүннүү ырыынак хаалларар сатаммат. Тырааныспар миниистирэ Семен Винокуров бу боппуруоска ылсыбытын (http://news.ykt.ru/mobile/article/56349?day.theme) хайгыахха эрэ сөп. Нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар билиҥҥи кириисис кэмигэр өйүүр Ил Дархан ыйааҕа тахсыбытын санатабыт. Миниистир кытаанахтык ылсыытын ити ыйааҕы чиҥэтии быһыытынан сыаналыыбыт.
[vc_row][vc_column][vc_message message_box_style=»3d» message_box_color=»grey»]
ЫСПЫРААПКА: «ХИВУС» диэн мууһу, ууну үрдүнэн уйдаран айанныыр тиэхиньикэ. Маннык сэптээх дьон билигин күннүү ахан сылдьаллар Санатан эттэххэ, сылга иккитэ күннүүллэр — саас уонна күһүн (паром сылдьыбат уонна мууһунан суол суох быыһык кэмигэр). Бу, «Хивустаахтар» биир өттүнэн дьону абырыыллар, иккис өттүнэн алдьаталлар. Абырыыллара диэн, ыксаабыт дьону өрүһү нөҥүө тиэйэллэр-туораталлар. Алдьаталлара диэн, уонча килэмиэтир сири 20 мүнүүтэ тиэрдэн биэрэллэригэр 2000 солкуобайы саралыыллар.
[/vc_message][/vc_column][/vc_row]
This post was published on 28.04.2017 15:00 15:00