Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысхатынан айанныыр «Хивус» сымнаҕас сыттыктаах суудуналар тарыыптара 2500 солк. диэри үрдээтэ, суруйар edersaas.ru
Өрүскэ гидрологическай балаһыанньа кытаатта. Билигин пассажирдар нөҥүө кытылга диэри бастаан биир суудунаҕа олорон баран, арыыга тиийэн атын «Хивуска» олорсоллор. Үрдэтиллибит тарыыбынан биир нэдиэлэ курдук үлэлиир былааннаахтар.
Балаһыанньа арыый көннөҕүнэ, сыана түһүөхтээх. Суудуналар Дьокуускай куораттан 202-с микрооройуонтан сылдьаллар. Биэһигэр диэри саастаах оҕолорго бырайыас босхо. Онтон 5-10 саастаах оҕолорго 1500 солк.
This post was published on 06.11.2020 09:58 09:58