Быйыл М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет орто анал уонна үрдүк үөрэх бүддьүөт миэстэлэригэр 4 154 устудьуону ылар былааннаах. Итинтэн 2 554 миэстэтэ — күнүскү үөрэххэ бакалавриат уонна специалитет бырагыраамаларыгар.
Саҥа үөрэх дьылыгар элбэх бүддьүөт миэстэтэ мэдиссиинэ идэлэригэр тыырыллыбыт. «Эмтиир дьыала» идэтигэр — 70%, оҕо бырааһыгар — 75% тус сыаллаах миэстэ көрүллүбүт. Оттон ординатура сэдэх хайысхаларыгар («Анестезиология-реаниматология», «Патологическай анатомия», «Рентгенология», «Психиатрия-наркология», «Инфекционнай ыарыылар», «Кардиология», «Неврология», «Пульмонология», «Фтизиатрия», «Оториноларингология», «Офтальмология», «Хирургическай стоматология», «Оҕо стоматологията») 100% бэриллиэҕэ.
Ону таһынан, Финансовай-экономическай институкка Экономика үрдүкү оскуолатын уонна ХИФУ «Экономика уонна даннайдары анализтааһын» кыттыгас бырагырааматынан үөрэххэ ылыы буолуоҕа. «Үөрэҕи бүтэрээччилэр бакалавр бырагырааматынан икки үрдүк үөрэх кыһатын дипломнарын ылыахтара, онно сэттэ бүддьүөт миэстэтэ көрүлүннэ. Маны таһынан, экономиканы цифровизациялааһыҥҥа саҥа магистерскай бырагыраамалар арыллыахтара», — диэн университет пресс-сулууспатын иһитиннэриитигэр сигэнэн ТАСС суруйар.
This post was published on 28.05.2021 17:01 17:01