ХИФУ устудьуоннара кулун тутар ый иннинэ очно үөрэммэттэр

ХИФУ устудьуоннара университекка кулун тутар ыйыттан үөрэнэн саҕалыахтара. Бу туһунан бэҕэһээ Ил Дархан социальнай ситиминэн быһа тахсыытын кэмигэр эттэ.


«Кулун тутар ыйга устудьуоннар сорох араҥалара эрэ үөрэххэ тахсыа. Онуоха диэри устудьуоннар коронавирустан быһыы ылыахтара, университет очнай үөрэххэ бэлэмнэнии үлэтин ыытыа», — диэтэ Айсен Николаев.

Эрдэ ХИФУ ректора Анатолий Николаев очнай үөрэх коронавирус дьаҥа региоҥҥа тарҕаныытыттан тутулуктааҕын эппитэ. Билигин университекка дистанционнай үөрэх олунньу 6 күнүгэр диэри уһатыллан турар.

This post was published on 22.01.2021 13:07 13:07