ХИФУ саайтыгар харантыыҥҥа олорор устудьуоннар төрөппүттэригэр анаан "горячай линия" арылынна

Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннарын төрөппүттэрэ кинилэр оҕолоро хайдах эмтэниини ааһалларын үөрэх кыһатын саайтыттан билиэхтэрин сөп. Ол туһунан вице-премьер Ольга Балабкина брифиҥҥэ иһитиннэрдэ, СИА суруйар.


«ХИФУ ректора Анатолий Николаевы кытта кэпсэтэн, үөрэх кыһатын саайтыгар «горячай линия» арыйар туһунан дуогабардастыбыт. Төрөппүттэр оҕолоро хайдах эмтэниини ааһалларын саайтан билэ олоруохтара»,диэтэ Ольга Балабкина.

Вице-премьер эппитинэн, өрөспүүбүлүкэ доруобуйаҕа харыстабылын миниистирин дакылааттаабытынан, устудьуоннар ыарыылара симптома суох ааһар, түргэнник үтүөрэллэригэр эрэл баар.

Санатар эбит буоллахха, ХИФУ Сергеляхская уулуссатын 9/2 дьиэтин уопсайыгар 70 киһи ыалдьыбыта билиннэ. Манна 324 киһи олорор, Роспотребнадзор дьаһалынан, харантыын биллэриллибитэ.

This post was published on 11.05.2020 17:03 17:03