ХИФУ ректора 2020 сыллааҕы абитуриентан докумуону тутар хампаанньа туһунан кэпсээтэ

ХИФУ ректора Анатолий Николаев пресс-конференциятыгар быйылгы онлайн киэбинэн ыытыллар «приемнай хампаанньа» үлэтин уонна абитуриеннар туохха бэлэмнэниэхтээхтэрин кэпсээтэ, СИА суруйар.


«Биһиги «дистанционнай» киэбинэн үлэлээбиппит үһүс ыйа. Атын үрдүк үөрэх кыһаларын курдук быйылгы үөрэх дьылыгар устудьуоннары ылыы хампаанньатын онлайн эрэһиимҥэ ыытары быһаардыбыт. Онно сөп түбэһиннэрэн университеппыт быраабылаларыгар эбиилэри киллэрдибит«, — диэтэ Анатолий Николаев.

Кини кэпсээбитинэн, ХИФУ тест эрэһииминэн докумуону электроннайдык тутар хампаанньатын анал сирэйэ бэлэмнэнэр.

«Былырыын механизма оҥоһуллубута уонна докумуоннары оннук туппуппут. Ол уопуппут быйыл хас биирдии абитуриент тус кабинетынан докумуон туттарарыгар олук буолла«, — диэтэ ректор.

Сиһилии https://ysia.ru/rektor-svfu-anatolij-nikolaev-o-priemnoj-kampanii-2020-v-formate-onlajn/

This post was published on 10.06.2020 13:01 13:01