«Манчаары Оонньуулара» спорт национальнай көрүҥнэригэр XXI спартакиада кэлэр сылга Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр буолуоҕа. ХИФУ сүүмэрдэммит хамаандата бастакы бөлөххө кыттыаҕа. Кини биир сүрүн утарылаһааччытынан Дьокуускай куорат хамаандата диэн, СИА-ҕа университет пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
2017 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһугар ыытыллыбыт спартакиадаҕа университет кыттыыны ылбатаҕа. Ол иннинээҕи Чурапчыга буолбукка иккистээбиттэрэ. «Маннык күрэхтэһиилэргэ кыттан спорт национальнай көрүҥнэригэр интэриэһи үөскэтэбит, үгэстэри тутуһабыт. ХИФУ-га устудьуоннар эрэ ортолоругар күүстээх атлеттар баар буолбатахтар, профессордар-преподавателлэр састааптарыгар эмиэ бааллар, онон биһиги утарылаһар кыахтаах хамаанданы бэлэмниибит», – диэтэ физическай култуураҕа уона спортка институт дириэктэрэ Николай Гоголев.
Университет ректора Анатолий Николаев тренердэргэ туһаайан спортсменнар функциональнай бэлэмнэригэр болҕомто ууралларыгар эттэ. «Ситиһии аҥара — бэлэмнэниигэ. Күрэхтэһии саҕаланарыгар бары муҥутуур бэлэмнээх тиийиэхтээхпит. Маны сэргэ спорт, ордук национальнай көрүҥнэр, куруук эчэйиини кытта сибээстээхтэр. Онон саппааска эмиэ үлэлиэхтээхпит», – диэтэ кини.
ХИФУ Манчаары бэлэмнэниитигэр анал бырагырааманан үлэлиир.
This post was published on 22.09.2020 15:01 15:01