ХИФУ магистратуратыгар 2700 тахса сайабылыанньа киирдэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Хотугулуу-илиҥҥи федеральнай университет 2723 сайбылыанньаны 1074 абитуриентан магистратураҕа туттарсыыга тутта. Бюджет миэстэтигэр докумуону тутуу атырдьах ыйын 8 күнүгэр түмүктэнэр. Төлөбүрдээхтэргэ дьаһал атырдьах ыйын 20 күнүгэр диэри ыытыллар. Оттон истэн-кэтэхтэн уонна кэтэхтэн — балаҕан ыйын 15 күнүгэр диэри салҕанан барар, суруйар үөрэх тэрилтэтин пресс-сулууспата.

2025-2026 үөрэх дьылыгар магистраннарга 541 бюджет миэстэтэ көрүллэр истэн үөрэххэ, 9 – истэн-кэтэхтэн уонна 49 – кэтэхтэн. 548 төлөбүрдээх миэстэ истэн үөрэххэ, 61 – истэн-кэтэхтэн уонна 375 – кэтэхтэн.

Абитуриеннар сөбүлээн «Педагогическое образование (Менеджмент в образовании)» Педагогика института (104 сайабылыанньа), «Менеджмент (Стратегический и инновационный менеджмент)» Үп-экономика института (103) уонна «Техносферная безопасность» Горнай института (97) докумуоннарын туттардылар.

This post was published on 31.07.2025 11:29 11:29