Федеральнайдааҕы үрдүк үөрэх кыһатын ректора Анатолий Николаев эппитинэн, кэлэр үөрэх дьылыттан устудьуоннар үөрэхтэрин былаанын бэйэлэригэр сөп түбэһиннэрэн таҥыныахтарын сөп. Ол иһигэр үөрэтэр дисциплиналарын эмиэ, СИА суруйар.
«Биһиги устудьуоннарбытыгар уонна үлэни биэрээччилэргэ чугас буолуохтаахпыт. Ол иһин кэлэр үөрэх дьылыттан тус үөрэх хайысхатыгар көһүөхпүт. Ол эбэтэр устудьуон ханнык факультекка үөрэнэ киирбитинэн, хайысхатын бэйэтэ быһаарар. Ханнык идэни талбытынан чопчу суоттанан, онно аналлаах предметтары талан үөрэнэр буолар», — диэтэ Анатолий Николаев.
Бу үөрэх саҥа модула дуу, биирдиилээн предмети дириҥэтэн үөрэтии дуу буолара сотору кэминэн быһаарыллыаҕа. Ити эрээри барыта 2020 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн саҕаланара этиллибэт. Ректор бэлиэтээбитинэн, тус хайысхаларынан үөрэтиигэ бырагырааманы бэлэмнээһиҥҥэ хамыыһыйа тэриллиэхтээх.
This post was published on 01.05.2020 15:01 15:01