М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Хотугу сир прикладной экологиятын научнай-чинчийэр институтугар учуонай Дмитрий Дмитриевич Саввинов аата иҥэрилиннэ.
Биллиилээх почвовед-учуонай, эколог, биологическай наука доктора, профессор, СӨ Наукаларын академиятын дьиҥнээх чилиэнэ, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Хотугу сир прикладной экологиятын научнай-чинчийэр институтун (НИИПЭС) тэрийээччи-дириэктэрэ Д.Д. Саввинов аатын үйэтитэр сыаллаах, кини аатын институкка иҥэрэр туһунан ХИФУ ректорын э.т. Евгения Михайлова бирикээһэ бу күннэргэ таҕыста.
Ыспыраапка
Саввинов Дмитрий Дмитриевич (1932-2018).
1932 с. кулун тутар 29 күнүгэр САССР Үөһээ Бүлүү оройуонугар төрөөбүтэ. Томскайдааҕы госуниверситет биолого-почвеннай факультетын үөрэнэн бүтэрбитэ. Хотугу сир прикладной экологиятын уонна ирбэт тоҥ почватын үөрэтиигэ Арассыыйаҕа биллэр-көстөр учуонай буолбута. Өрөспүүбүлүкэҕэ анаан биологияҕа, экологияҕа, географияҕа үрдүк квалификациялаах каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ улахан кылаатын киллэрбитэ.
Д.Д.Саввинов – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукаларын академиятын тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ.
РФ наукатын үтүөлээх деятелэ. Наука уонна тиэхиньикэ эйгэтигэр СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, СӨ А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата.
Амма, Үөһээ Бүлүү, Ньурба улуустарын Ытык киһитэ.
СӨ Наукаларын академиятын академига. СӨ Наукаларын академиятын вице-бэрэсидьиэнинэн, сүбэһитинэн үлэлээбитэ.
This post was published on 17.07.2018 16:59 16:59