22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

ХИФУ институтугар Дмитрий Саввинов аата иҥэрилиннэ

16:59, 17 июля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Хотугу сир прикладной экологиятын научнай-чинчийэр институтугар учуонай Дмитрий Дмитриевич Саввинов аата иҥэрилиннэ.

Биллиилээх почвовед-учуонай, эколог, биологическай наука доктора, профессор, СӨ Наукаларын академиятын дьиҥнээх чилиэнэ, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ Хотугу сир прикладной экологиятын научнай-чинчийэр институтун (НИИПЭС) тэрийээччи-дириэктэрэ Д.Д. Саввинов  аатын үйэтитэр сыаллаах, кини аатын институкка иҥэрэр туһунан ХИФУ ректорын э.т. Евгения Михайлова бирикээһэ бу күннэргэ таҕыста.

Ыспыраапка 

Саввинов Дмитрий Дмитриевич (1932-2018).

1932 с. кулун тутар 29 күнүгэр САССР Үөһээ Бүлүү оройуонугар төрөөбүтэ. Томскайдааҕы госуниверситет биолого-почвеннай факультетын үөрэнэн бүтэрбитэ. Хотугу сир прикладной экологиятын уонна ирбэт тоҥ почватын үөрэтиигэ Арассыыйаҕа биллэр-көстөр учуонай буолбута. Өрөспүүбүлүкэҕэ анаан биологияҕа, экологияҕа, географияҕа үрдүк квалификациялаах каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ улахан кылаатын киллэрбитэ.

Д.Д.Саввинов – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукаларын академиятын тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ.

РФ наукатын үтүөлээх деятелэ. Наука уонна тиэхиньикэ эйгэтигэр СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, СӨ А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата.

Амма, Үөһээ Бүлүү, Ньурба улуустарын Ытык киһитэ.

СӨ Наукаларын академиятын академига. СӨ Наукаларын академиятын вице-бэрэсидьиэнинэн, сүбэһитинэн үлэлээбитэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА