Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет (ХИФУ) учуонайдара саха боруода ынаҕын клоннааһыҥҥа эксперимены саҕалаатылар. Үлэ Арабскай Эмираттар Холбоһуктарын биотехнологическай чинчийиигэ кииннэрин филиалыгар, ХИФУ баазатыгар ыытыллар диэн үөрэх тэрилтэтэ пресс-сулууспата ТАСС-ка кэпсээтэ.
Бырайыак тыа хаһаайыстыбатын институтун, «Сахаагроплем» уонна «Саха сүөһүтэ» тэрилтэлэр кыттыгас үлэлэрэ буолар. ХИФУ естественнай наукаларыгар институтун аспираннара үлэлииллэр, билигин кинилэр Абу-Даби куоракка стажировка ааһаллар.
«Бастакы килиэккэлэри кытта үлэ саҕаланна, ОАЭ киинигэр. Филиал кулун тутарга Дьокуускайга ХИФУ баазатыгар арыллыбыта. Чинчийээччилэр килиэккэ биологиятын ньыматынан саха боруодатын ынаҕыттан клон ылар былааннаахтар», — диэн үөрэх кыһатыгар эттилэр.
Сиһилии https://ysia.ru/v-svfu-nachali-eksperiment-po-klonirovaniyu-korovy-yakutskoj-porody/
This post was published on 04.05.2023 12:01 12:01